Нэдиэлэтээҕи гороскоп: муус устар 12 – муус устар 19 күннэрэ

Share

ХОЙ

Уустук балаһыанньаҕа бэйэҕин сатаан туттунар үтүө дьоҕургун сайыннардаххына, чугас дьоҥҥор сыһыаҥҥын арыый сымнаттаххына, олоххо көрүүҥ уларыйыан сөп. Барыта хара сурааһын буолбатаҕын өйдүөҕүҥ.

ОҔУС

Биисинэс эйгэтигэр этии киириэн сөп. Сыта-тура толкуйдууруҥ наада. Нэдиэлэ устата бэйэҥ да билбэккинэн санаа­ҕа ылларыаххын сөп. Аһаҕас кэпсэтии көмөлөһүөҕэ.

ИГИРЭЛЭР

Айар дьоҕуруҥ арыллар кэмэ. Тугу эбит суруйуоххун, айыаххын баҕараҕын. Ол эрээри ардыгар үлэҕэ үтүрүйтэрэн, дьиҥ ис баҕаҕын кэннигэр хаалларан иһэҕин. 

АРААК

Үп-харчы дьыалатыгар табыллар кэмиҥ. Дьыалабыай кэпсэтии ситиһиилээх буолуоҕа. Дьиэ кэргэҥҥэр, тус олоххор улахан уларыйыы суох. 

ХАХАЙ

Саҥа толкуй ситиһиини түстүөн сөп. Чугас дьонуҥ сүбэтин ылынарыҥ ордук. Ол эрээри бу күннэргэ ыраах айантан туттунар наада. Былааҥҥын ыһа-тоҕо кэпсээ­мэ.

КЫЫС

Сылайбыккын, ханна эрэ ыраах сынньанан барар туһунан толкуйуҥ ситиһиилээх буолуо. Доҕоттору, чугас дьону кытта алтыһыы үтүө эрэ өттүнэн тосхойуо.

ЫЙААҺЫН

Саҥа былааннары туруорунаргар сөптөөх кэм. Сыалгын-соруккун ситиһэриҥ барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. 

СКОРПИОН  

Ситиһии сиэттиһэ сылдьар. Үп-харчы да сөбүгэр баар. Дьону кытта сыһыаҥҥа судургу буоларга кыһалын. Саҥа ылсыбыт дьыалаҥ ситиһиини аҕалыа.

ОХЧУТ

Айар үлэ күөстүү оргуйар. Саҥа дьоннуун билсиһии санааҕын кынаттыыр. Олоххунан дуоһу­йаҕын. Таптал да иэйиитигэр куустарыаххын сөп. 

ЧУБУКУ

Үлэ-хамнас түбүгүттэн, бар дьонтон сылайбыт курдуккун. Сөбүлүүр дьарыккынан ылсан дьарыктаныы өйгүн-санааҕын  сааһылыаҕа. Бу күннэргэ үчүгэй сонуну истиэҥ.

КҮРҮЛГЭН

Билиигин хаҥатыаххын, урут сылдьыбатах сиргэр сылдьыаххын сөп. Биир сиргэ олорон хаалыма. Элбэх дьонноох сиртэн кыраҕыйыма, бу сылдьан аналгын да көрсүөххүн сөп. 

БАЛЫКТАР

Дьон судургу майгытын хайдах баарынан ылына сатаа. Дьиэ кэргэҥҥэр бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутума. Дьону кытта уопсай тылы булуу эн мындыр өйгүн туоһулуур.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

4 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

5 часов ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

6 часов ago