Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (муус устар 26 – ыам ыйын 3 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (муус устар 26 – ыам ыйын 3 күннэрэ)

Ааптар:
26.04.2024, 06:30
Бөлөххө киир:

Хой

Туора дьон дьайыытыгар киирэн биэримэҥ. Атын дьон санаатын соҥнуу сатыахтарын сөп. Ол эрээри бэйэҕэ эрэллээх буолар наада. Мөккүһэн, тугу эрэ дакаастаһар эмиэ улахан туһаны аҕалыа суоҕа. Онон чуумпутук сылдьыбыт көнө.

Оҕус

Дьон болҕомтотун ортотугар буолуоҕуҥ. Бэйэҥ итэҕэстэргин, үтүө өрүттэргин сыаналанаргар тоҕоос­тоох кэм. Онон бар дьон хараҕын далыгар үтүө өрүккүн көрдөрө сатыырыҥ туһаны аҕалыа.

Игирэлэр

Духуобунай өй-санаа өттүнэн бэ­­йэҕин сыаналанаргар, саҥаны бэйэҕэ арыйарга сөптөөх кэм. Урукку өттүгэр кыаллыбатах санаа­ларыҥ судургутуйан көстүөхтэрэ. Барыта санааттан буоларын өйдүөҕүҥ.

Араак

Доруобуйаҕын бөҕөргөтүнэргэр, санааҕын сааһыланаргар үтүө кэм үүммүт. Успуордунан да ылсан дьарыктаныаҥ, ыраах айаҥҥа да сананыаҥ. Олус көхтөөх нэдиэлэни туһанан хаал.

Хахай

Маассабай тэрээһиҥҥэ кыттан элбэх дьону кытта алтыһыаҥ. Олоххор улахан суолталаах киһини кытта билсиэххин сөп.  Ол эрээри бу хайаан да тапталга сыһыан­наах буолбатах.

Кыыс

Нэдиэлэ устата аһылыккын көрүнүөххүн наада буолбут. Ону сэргэ уйулҕа өттүнэн санааҕын сааһыланан, бэйэни анаалыстанан сааһы саҥалыы көрсүөҕүҥ.

Ыйааһын

Толкуйдуур, анаарар дьоҕургун сайыннараргар тоҕоостоох кэм. Ардыгар улахан суолтата суохха болҕомто уурбаккын. Ол эрээри ол суолтата суох олоххор дьайыыта үгүс буолар.

Скорпион 

Үүммүт нэдиэлэҕэ улахан дьыалаҕа ылсыбатыҥ ордук. Ол кэриэ­тин дьиэ кэргэҥҥин, доҕотторгун кытта айылҕаҕа сылдьан сынньаммытыҥ быдан туһаны аҕалыаҕа.

Охчут

Мөккүөргэ киирэн биэримэ. Эйигин тылгыттан хабаары тулалыыр дьонуҥ ону эрэ күүтэллэр. Кырдьыгы булар туһугар атын хайысханы тутуһуоххун сөп.

Чубуку

Дьон сүбэтин ылына үөрэн. Бу сүбэлэр сыыһа хардыыны оҥорботуҥ туһугар көмөлөһүөхтэрин сөп. Ол эрээри сүбэ истэр дьонуҥ эйиэхэ олоххор туох суолталаахтарын анааран көрөр наада.

Күрүлгэн

Тас көрүҥҥүн көрүнэргэр, тупсарынаргар уолдьаспыт. Аһары уойбуттар синньииргэ дьулуһуҥ, успуордунан да дьарыктаныы көмөлөһүөҕэ. Сиэркилэҕэ бэйэҕин көрүнэн үөрэргэ дьулус.

Балыктар

Ыалдьыттар кэлиэхтэрэ. Үөрүүлээх түбүктэр күүтэллэр. Саҥа, элбэх сонуну ис­­тиэҥ. Истибиккин барытын ыраас муус­ка уурума, ыһа-тоҕо кэпсээмэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: