Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Олунньу 16–23 күннэрэ
ХОЙ
Үлэҕэр-хамнаскар болҕомто уурарга уолдьаспыт. Салалтаҥ, кэллиэгэлэриҥ эн үлэҕинэн астымматтар. Оттон эйиэхэ сүрэҕиҥ сыппат дьыалатынан дьарыктанар наада дуо? Өйгүн-санааҕын сааһыланаргар, инникигин толкуйдуургар сөптөөх бириэмэ.
ОҔУС
Тус санааҕын сааһыланан олоххо көрүүгүн анаалыстаныаххын наада. Нэдиэлэ ортото туох эрэ кистэлэҥи билиэххин сөп. Бастаан утаа эйигиттэн наадалааҕы кистээбиттэрин хомойо истиэҥ. Дьон эрэлин ыларга дьулус.
ИГИРЭЛЭР
Тас көрүҥҥүн тупсарынар туһунан санаа киириэ. Успуорт саалаҕа дьарыкка сылдьыаххын саныыгын. Ол эрээри тус бэйэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр бириэмэ тиийбэт курдук. Оттон бириэмэ хаһан да тиийбэт уонна кими да күүппэт.
АРААК
Чугас дьоҥҥуттан аһары элбэҕи ирдиигин. Олоххо барыта эн эрэ баҕаҕынан буолбат. Нэдиэлэ ортото доруобуйаҥ арыый мөлтөөбүтүҥ билиэҥ, санааҥ түһүө. Кэлиҥҥи кэмҥэ аһары кыраттан санааҕын түһэрэҕин. Кыайар эрэ үлэҕин эбээһинэскэ ыла сатаа.
ХАХАЙ
Кыыһырсыыны, айдааны олох сөбүлээбэккин. Ол эрээри нэдиэлэ саҥата мантан куотунар кыаллыа суох. Тирээн кэлбит кыһалҕаны быһаарыаххын наада буоллаҕа. Ол эрээри бэйэ санаатын аһаҕастык этэртэн толлума.
КЫЫС
Нэдиэлэ саҥата дьоһуннаах дьыалаҕа ылсыыһыккын. Эн сүбэҕэр наадыйааччы да үгүс буолуо. Ол эрээри аһары билээҕимсийэн эбэтэр улаатымсыйан аны дьону тэйитиэххин сөп. Ол кэриэтин сэмэйдик сылдьыбытыҥ көнө.
ЫЙААҺЫН
Быһаарыныы ылынаргар, улахан мал-сал атыылаһаргар өрүү саарбахтыыгын, дьон сүбэтигэр наадыйаҕын. Бу сырыыга кими да истимэ. Тугу наадалаах диэбиккин оҥорор бырааптааххын. Тас көрүҥҥүн тупсарынаргар тоҕоостоох күннэр.
СКОРПИОН
Аҕыйах саҥа, элбэх дьыала диэн санааны тутустаххына элбэҕи ситиһиэҥ. Үөрэххэр, үлэҕэр болҕомто уураргар уолдьаспыт. Аһары ыһыктынан кэбиспит курдуккун. Нэдиэлэ бүтүүтэ өр көрсүбэтэх дьоҥҥун көрсүөҥ, дуоһуйа сэлэһиэҥ.
ОХЧУТ
Сынньалаҥҥа наадыйаҕын. Чугас дьоҥҥор санааҕын этэн көмө көрдүөххүн сөп. Истиҥ тыл, сылаас сыһыан барытын тупсарар, кыайар кыахтаах. Айылҕаҕа сылдьыы, биир санаалаахтаргын кытта алтыһыы санааҕын кынаттыа.
ЧУБУКУ
Саарбахтыыр санааҕын киэр кыйдаа. Нэдиэлэ устата былааннаммыт дьыалаҕын ситиһэргэ кыһалын. Ардыгар ыһыктынан кэбиһиэххин, тугу да гыммакка сытыаххын саныыгын. Ол эрээри бэйэ бодотун тардыныы дьэ, манна наада!
КҮРҮЛГЭН
Саҥа үчүгэй этиилэр киирииһиктэр. Тута сөбүлэһэргэ ыксаама. Уу аннынааҕы таастар эн хараххар көстүбэттэр. Дьыалаҕа эппиэтинэстээх сыһыан нэдиэлэ бүтүүтэ ситиһиини түстүөн сөп.
БАЛЫКТАР
Дьиэ кэргэҥҥэр соччото суох балаһыанньа күннээҕи былааҥҥын ыһыан сөп. Өйдөспөт түгэнтэн санааҥ да түһэн ылыыһык. Нэдиэлэ ортото доруобуйаҕын тупсарынар туһунан толкуйуҥ ситиһиилээх буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: