ХОЙ
Аймахтаргын, чугас доҕотторгун кытта көрсөн ирэ-хоро сэлэһиэҥ. Нэдиэлэ ортото дуоһунастаах дьахтары кытта дьыалабыай кэпсэтиикүүтэр. Манна бэлэм буоларыҥ наада.
ОҔУС
Кистэлэҥ кэпсэтиилэр баар буолуохтара. Дьону кытта аһары аһаҕасбуолума. Үлэҕэ-хамнаска болҕомтолоох буолуу ирдэнэр. Дьиэкэргэҥҥэр эриэ-дэхси.
ИГИРЭЛЭР
Айар куттаах игирэлэргэ үтүө нэдиэлэ үүммүт. Сэргэхкөрсүһүүлэр, истиҥ кэпсэтиилэр санааҕын кынаттыахтара. Дьиэкэргэҥҥэр нэдиэлэ бүтүүтэ уруккуттан быһаарыллыбатахкыһалҕаны быһаарар тоҕоостоох түгэн үөскүөҕэ.
АРААК
Олоххор суолталаах быһаарыныы ыларгар уолдьаспыт. Уруккуттануталытан испит дьыалаҕын да сиппэккэ, санааҥ оонньуур. Чугасдьоҥҥун кытта уопсай тылы була сатаа. Бэйэмсэх буолар куһаҕан.
ХАХАЙ
Нэдиэлэҥ кыһалҕаттан саҕаланыыһык. Аймахтарыҥ кыһалҕалараэйиэхэ сүктэриллииһик. Киэҥ санааланан, сатаан бириэмэҕинаттарына үөрэн. Нэдиэлэ бүтүүтэ барыта орун-оннугар түһүөҕэ.
КЫЫС
Өйүҥ-санааҥ уларыйбыт курдук, олоҕу көрүүҥ, ылыныыҥ барытатулалыыр эйгэҕиттэн улахан тутулуктаах буолбут. Тус санааҕынансалайтара үөрэн.
ЫЙААҺЫН
Тугу барытын аһары чугастык ылынаҕын. Ардыгар онтон сылтаанкыйаханан да ылыаххын сөп. Ол эрээри нэдиэлэ ортото үчүгэйсонуну истэн үөрүөҕүҥ, ону кытта тулаҥ да сырдыаҕа.
СКОРПИОН
Быһаарыныы ылынаргар, ыраах айаҥҥа турунаргар табыгастаахкэм. Чугас дьоҥҥун кытта аһаҕас кэпсэтии күүтэр. Үп-харчыбоппуруоһа нэдиэлэ ортотугар биирдэ быһаарыллыаҕа.
ОХЧУТ
Докумуону кытта сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох буол. Итинтэн сылтаан аймахтаргын, чугас дьоҥҥун кытта өйдөспөттүгэн үөскүөн сөп. Бу кыһалҕаны холкутук быһаарарга кыһалын.
ЧУБУКУ
Таптал иэйиитигэр куустарыаҥ. Урукку-хойукку иэйиилэр уһуктуохтарын сөп. Ол эрээри төбөҕүн аһары сүтэримэ. Харчыны кыттасыһыаҥҥа харыстабыллаах буол, мээнэ ыһыахтаныма.
КҮРҮЛГЭН
Аһары үлэлээн сылайбыккын. Уйулҕаҕын уоскутуоххун наада. Мындыр киһини кытта аһаҕас кэпсэтии санааҕын сааһылыаҕа. Ардыгар ыгыллар санааҕын көҥүл ыытан холкутуу сатаа.
БАЛЫКТАР
Эрэсиимҥин тутуспатаххына доруобуйаҕар оҕустарыаххын сөп. Хопко-сипкэ кыттыһыма, туора дьону кытта дьону ырытыма. Дьонугаайытыгар киирэн биэриэххин сөп. Үлэҕэр-хамнаскар барытаэтэҥҥэ.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…