Нэдиэлэтээҕи гороскоп (от ыйын 19 – 26 күннэрэ)
Сулустар тугу кэпсииллэрий? Нэдиэлэтээҕи гороскоп тугу этэр эбитий?
Хой
Бэйэҥ олоххуттан астынар курдук олорорго кыһалын. Ханнык да иирсээҥҥэ кииримэ, бары эйиэхэ утары буолуохтарын сөп. Күүппэтэх өттүгүттэн эмискэ аймахтарыҥ көмөлөһүөхтэрэ.
Оҕус
Үчүгэйдик билбэт хампаанньаҕыттан тэйиччи тутун. Өр кэмҥэ ылсыбакка сылдьыбыт дьыалаҕар күүскүн-уоххун уур. Дьиэ-уот кыһалҕатыгар улахан болҕомтоҕун уурума.
Игирэлэр
Наһаа ыксыырыҥ улахан үбү сүтэриигэ тириэрдиэн сөп. Соһуччу түгэн инники дьылҕаҕар дьайыа. Ол эрэн, онуоха туох баар кыаххын, сатабылгын ууруоххун наада.
Араак
Бу нэдиэлэҕэ элбэх ситиһии сиэттиһиэ, ол гынан баран, кэлбит үбү кыра бытархайдарга бараама. Үөскээбит уларыйыыларга үөрэнэ охсор сатабыл наада буолуоҕа.
Хахай
Буолар түгэннэри хаһан эрэ буолуохтааҕын курдук ылынарыҥ ордук. Билигин тугу да уларыта охсор кыаҕыҥ суох. Билэр дьоҥҥор бэйэҥ былааннаргын кэпсээмэ.
Кыыс
Бу нэдиэлэҕэ эйигиттэн болҕомтолоох уонна муударай буолуу ирдэниллэр. Өрөбүл күннэргэ сыта-тура үчүгэйдик толкуйдан, былаана суох дьайыыларыҥ ситиһиигэ тириэрдибэттэр.
Ыйааһын
Бэйэҥ бириэмэҕин туохха аныыргын элбэхтик толкуйдаа. Уустук боппуруоһу судургутук быһаараҥҥын салалтаҕын соһутуоххун сөп. Эмискэ эн иннигэр саҥа саҕахтар арыллыахтарын сөп.
Скорпион
Ханнык баҕарар көҕүлээһиниҥ наадалаах буолуоҕа. Кыһамньылаах үлэҕин салалта сыаналыа. Чугас дьонуҥ бэйэлэрин ситиһиилэринэн үөрдүөхтэрин сөп.
Охчут
Олох оргуйар үөһүгэр сылдьыаҥ уонна хампаанньаҥ эйигинэ суох сатаммат курдук буолуоҕа. Эйигин долгутар боппуруоһу быһаарыыны хайаан да ылыаҥ уонна үөскээбит уустук балаһыанньаттан тахсыаҥ.
Чубуку
Соччо кыаллыа суох бырайыактарга ылсыма – хомолтону уонна кэмсиниини эрэ аҕалыахтарын сөп. Дьиэҕэр туох да мөккүөрү таһаарыма.
Күрүлгэн
Үлэҕэр болҕомто киинигэр буола сатаама. Ол эрэн, эн саҥа этиилэргин салалтаҥ үрдүктүк сыаналыан сөп. Доҕотторуҥ ыалдьыттата ыҥырдахтарына аккаастаныма.
Балыктар
Күүстээх үлэттэн аккаастанарыҥ ыарахан буолуоҕа. Эн көҕүлээһиннэргин уонна саҥа саҕалааһыннаргын олус өр дьүүллэһиэхтэрин уонна утарсыахтарын сөп. Онуоха туораттан көмөҕө наадыйыаҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: