Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

Ааптар:
01.11.2024, 08:00
Бөлөххө киир:

ХОЙ

Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт. Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол. Аҥаардас бэйэҥ эрэ эппиккинэн салайтаран сырыттаххына, өйдөспөт түгэн элбиэн сөп.

ОҔУС

Олоххо олус көхтөөххүн. Саҥаны ылсарга, үөрэнэргэ бэлэмҥин. Туохтан да иҥнэн-толлон турбаккын, барытыгар инники күөҥҥэ сылдьаҕын. Ол эрээри тулалыыр дьонуҥ истэригэр ордук саныыр дьон баар эбит. Тулаҕын көрүнэ сырыт.

ИГИРЭЛЭР

Буола турар быһыыны-майгыны холкутук ылынаргар сүбэлииллэр сулустар. Куһаҕан дьаллыккыттан, үөрүүнү аҕалбат сыһыантан аккаастаныаххын сөп. Доҕотторгун кытта ардыгар өйдөспөккүн. Быһаарыныы ылынаргар сөптөөх кэм.

АРААК

Элбэх барыылаах-кэлиилээх, сүпсүлгэннээх кэм саҕаламмыт. Дьон болҕомтотун тарда сатыырыҥ ситиһиилээх буолууһу. Үөһээ салалта кыһамньыгын сыаналыан сөп. Оттон бэйэҥ салайааччы буоллаххына, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ кыһан.

ХАХАЙ

Саҥа талааҥҥын, ис кыаххын арыйаргар тоҕоостоох түгэн үүнүүһүк. Сайдыаххын, саҥаны саҕалыаххын саныыгын. Ол эрээри чугас дьонуҥ өйдөөбөт, өйөөбөт курдуктар. Кыра аайы санаарҕыыр сатаммат.

КЫЫС

Олоҕу ырыҥалаан көрөргө, бэйэҥ майгыгын, дьоҥҥо сыһыаҥҥын туораттан сыаналыырга сөптөөх кэм. Бу нэдиэлэ устата доруобуйаҕар болҕомтото уур. Билбэт сиргиттэн атыылаһан аһаама, харыстан.

ЫЙААҺЫН

Саҥа идиэйэлэр киирэллэр. Барыах-кэлиэх санаа батарбат. Ону кытта саҥа билсиһии, кэпсэтии күүтэр. Саҥа доҕордоһуу истиҥ сыһыаҥҥа кубулуйуон сөп. айар куккун уһугуннаран элбэҕи айыаххын-тутуоххун сөп.

СКОРПИОН

Сэниэлээххин, элбэҕи ситиһэргэ бэлэмҥин. Харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа үчүгэй этиилэр киириэхтэрин сөп. Биисинэс эйгэтигэр сыһыаннаах скорпион барыһырыан сөп. Доҕордуу сыһыаҥҥа болҕомтолоох буолуу ирдэнэр. Дьоҥҥо аһары эрэнимэ.

ОХЧУТ

Сыалгын-соруккун ситиһэргэр үтүө кэм. Саҥа идиэйэлэр киирэллэр. Сынньалаҥ диэни билбэккин. Үлэттэн үөрэҕин уонна дьоллоноҕун. Дьиэ кэргэҥҥэр болҕомто уурар уолдьаспыт. Аҥаардас үлэнэн үлүһүйүү чугас сыһыаны тымнытыан сөп.

ЧУБУКУ

Үлэҕэр-хамнаскар балаһыанньаҥ үчүгэй. Эйиэхэ эрэнэллэр. Санааҕын сааһылаан дьоҥҥо аһаҕастык тиэрдэргэ кыһан. Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси. Ол эрээри аһары холкутаан, ыһыллан хаалыма.

КҮРҮЛГЭН

Уустук кэм саҕаламмыт. Төһөнөн үлэлиигин, дьоҥҥор кыһанаҕын да, соччонон эйиэхэ ирдэбил улаатар курдук. Барытыттан аһары сылайбыт курдуккун. Оттон кыстыкка киирии саҥа саҕаланна, быыс булан сынньана сатаа.

БАЛЫКТАР

Көхтөөх нэдиэлэ саҕаламмыт. Ардыгар бэйэҕинээҕэр үрдүккэ талаһаҕын. Киһи бэйэтин ис кыаҕынан муҥурданыахтаах диэн мындыр этиини ылынар наадатын кэлин өйдүөҕүҥ. Үп-харчы дьыалата үөрдүөҕэ, уурунуоххун да сөп курдук буолуоҕа.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: