ХОЙ
Иэскэ-күүскэ киирбэт гына толкуйдаан сырыт. Харчыны харыстаан туттуу бу күннэргэ наада. Соһуччу ыраах айан эбэтэр атын кыһалҕа күөрэйэн тахсыан сөп. Саҥа дьыаланы саҕалыыртан туттун. Нэдиэлэ ортото доруобуйаҕын бөҕөргөтөр саҥа ньымалары булан астыныаҥ. Битэмииннэ иһэ сырыт.
ОҔУС
Биисинэс эйгэтигэр сыһыаннаах оҕустарга ситиһиилээх кэм. Харчыны, докумуону кытта кэпсэтиилэр үтүө түмүктэрдээх буолуохтара. Искэр саҥаны саҕалыыртан толлор курдуккун, эрэллээх дьон көмөлөрүнэн санааҕар ыарахан балаһыанньаны таах кыайар кыахтааххын.
ИГИРЭЛЭР
Сөптөөхтүк сынньаммыккын, аны үлэҕэ умса түһэр кэмиҥ кэлбит. Тус дьыалаларгар, дьиэ кэргэҥҥэр сыһыаннаах боппуруостары быһаарыыга быһаарыныылаах быһыы-майгы үгүс үтүөнэн эргийиэн сөп.
АРААК
Эн куруук искэр хомолтолоох курдуккун. Ити эйигин искиттэн сиирин өйдөөбөккүн. Тус олоҕуҥ уустугар эбэтэр билиҥҥи балаһыанньаҥ туругар чугас дьоҥҥун буруйдуур туһаны аҕалбат. Олоҕу саҥалыы, атыннык ылынарга үөрэн.
ХАХАЙ
Сатаан сынньанары сатаабаккын. Куруук өйгөр саҥа идиэйэлэр, бырайыактар элиэтииллэр. Хайдах эбии саҥа дохуоту булабын диэн толкуйдуугун. Арыый ити санаалартан босхолонон, биир эмит күн ис сүрэххиттэн сынньаныаххын наада буолбут. Айылҕаҕа сылдьыы көмөлөһүө.
КЫЫС
Саҥа саҕахтар аһыллан иһиэхтэрэ. Доҕоттору кытта истиҥ көрсүһүү, былааннар олоххо тирэхтээхтик үктэнэргэр төһүү күүс буолуохтара. Былааҥҥын сааһылаан, эрдэттэн сурунан, кимэн киирэн ис.
ЫЙААҺЫН
Тулалыыр эйгэҕиттэн сылайбыккын. Дьиэ-уот кыһалҕата, быһаарыллыбакка хаалбыт тус сыһыан санааҕын тууйар. Нэдиэлэ ортото быһаарыныы ылынаргар тоҕоостоох буолууһу. Оттон кэргэннээх ыйааһыннар саҥа мал-сал атыылаһан санааҕыт көтөҕүллүө.
СКОРПИОН
Туора дьон тылыттан ардыгар хомойоҕун. Ол эрээри тулалыыр эйгэҕин барытын бэйэҥ санаабытыҥ курдук уларытар кыаҕыҥ суох. Ол кэриэтин бэйэҥ майгыгын көрүнэн, дьоҥҥо эйэҕэс буол диэн сулустар сүбэлииллэр. Тапталга, тус олоххо үтүө кэм кэлиэҕэ.
ОХЧУТ
Дьиэ-уот кыһалҕата ыган кэлбит. Үлэҕэр да ыктарыы көстөр. Дьону кытта тапсыбат курдуккун. Тус санааҕын этэ үөрэн, аҥаардас дьон эппитинэн сырыттаххына, ырааппаккын билэҕин.
ЧУБУКУ
Саҥа бырайыак ситиһиилээх буолуоҕа. Үлэттэн дуоһуйуу ылар кэмиҥ. Онон хас хардыыгын толкуйдаан, былааннаан сырыттаххына табыллыаҥ. Харчыгын мээнэ ыһыахтаныма, саҥ аиэскэ-күүскэ, кирэдьииккэ кииримэ.
КҮРҮЛГЭН
Кыстык ыган кэлиитэ аны эн сынньаныах, барыах-кэлиэх санааҥ батарбат буолбут. Ити барыта тоҕоостоох кэмҥэ сөпкө сынньамматаҕыҥ оннооҕор доруобуйаҕар кытта дьайар. Чугас дьоҥҥун кытта айылҕаҕа сылдьан сэргэхсийиэххин наада.
БАЛЫКТАР
Иирсээн төрдүттэн куотарга кыһан. Кыра да кыыһырсыыга кыттыһыннара сатыахтарын сөп. Онтуҥ барыта кэлин охсуулаах буолуон сөп. Ол кэриэтин кыстыгы холкутук, чуумпутук, бүөм соҕустук көрсүбүт ордук. Судургутук сыһыаннаһыы үгүс кыһалҕаны быһаарарын умнума.
Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 14 күнүнээҕи мунньаҕар дьокутааттар дойдубут кэлэр сыллааҕы үбүн сүрүн сокуонун барылын иккис…
Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 14 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо…
Бэҕэһээ Сунтаар нэһилиэгиттэн 6 км. турар Обоччолоох карьерыттан уолаттар былыргы бизон төбөтүн уҥуоҕун буллулар. [gallery…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр аҕыс буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга түөкүттэр силиэдэбэтэл…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 15 күнүттэн, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка "Идэһэ" дьаарбаҥка үлэтин саҕалыыр. Бу туһунан СӨ тыа…
Саха сирин креативнай индустрията кэскилэ киэҥ, ону бу күннэргэ буолан ааспыт «Цифровой алмаас» федеральнай пуорумҥа…