Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 22-29 күннэрэ)
ХОЙ
Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруоруммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири киэр кыйдаа. Саҥа билсиһии истиҥ сыһыаҥҥа кубулуйуон сөп. Онтон сылтаан хоп-сип тарҕаныан сөп.
ОҔУС
Дьону кытта кыыһырсартан туттуна сатаа. Нэдиэлэ саҥатыттан бары да ньиэрбэҕин тургутар курдук буолуохтара. Ол эрээри быстах санааҕа бэринимэ. Быһаарыныы ылынаргар чугас киһиҥ сүбэтэ көмөлөһүө.
ИГИРЭЛЭР
Нэдиэлэ саҥата соччото суохтук саҕаланыыһык. Кыраттан кыйаханаҕын. Сэниэҥ да суох курдук буолуо. Ол эрээри үгүс кыһалҕа быһаарыллан санааҥ арыый чэпчиэҕэ. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаны харыстаа.
АРААК
Бэйэҥ кыаххын сөптөөхтүк сыаналыыгын. Ол эрээри аһары бэйэни сананыыттан сыыһаны-халтыны оҥоруу тахсыан сөп. Күннээҕи дьыаланан үлүһүйүөҥ. Улахан быһаарыныы ылынарга өссө да эрдэ.
ХАХАЙ
Дьону кытта дуогабар түһэрсэргэ, саҥа дьыаланы саҕалыырга тоҕоостоох кэм. Өрөмүөн саҕалыырга, улахан мал-сал ылынарга сөптөөх кэм. Саҥа улахан бырайыагы олоххо киллэриэххин сөп. Кирэдьииккэ киириэххин сөп. Онтуҥ табыллыаҕа.
КЫЫС
Саҥа билии ыларга, эбии үөрэнэргэ үтүө кэм. Урукку өттүгэр уустугурдар боппуруостаргар быһаарсар кыахтаныаҥ. Ылбыт билииҥ кэлин туһалыаҕа. Өр кэмҥэ долгута сылдьыбыт боппуруоскун ситиһиилээхтик быһаарыаххын сөп.
ЫЙААҺЫН
Соһуччу уларыйыылар санааҕын көтөҕүөхтэрэ. Өр кэмҥэ санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт дьыалаҥ табыллыан сөп. Ол да буоллар, дьиэ-уот кыһалҕатын хаалларар сыыһа. Онон тирээн кэлбит дьыаланы тута быһааран ис диэн сулустар сүбэлииллэр.
СКОРПИОН
Кыраттан кыыһырыаххын, ньиэрбинэйдиэххин сөп. Чугас дьоҥҥун кытта өйдөспөт түгэн тахсыаҕа. Маннык балаһыанньаҕа бэйэ бодотун тардынар наадатын умнума. Аймахтары, аҕам саастаах доҕоттору кытта иһирэх кэпсэтии үгүс туһаны аҕалыаҕа.
ОХЧУТ
Тугу барытын чугастык ылынаҕын. Тулалыыр дьонуҥ санааларынтаайар курдуккун. Айар кыаҕыҥ муҥутаан сайдыбыт кэмин туһана сатаа. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта мөккүһэр үтүөнэн эргийбэт. Онон чуумпутук сырыт.
ЧУБУКУ
Настарыанньаҥ уларыйа сылдьыаҕа. Онон нэдиэлэ инниттэн тугу да былаанныыр сатаммат. Ол кэриэтин дьиэ-уот кыһалҕатын быһаарбытыҥ ордук. Харчыгын харыстаан тутун, ороскуотуҥ элбиэн сөп. Нэдиэлэ бүтүүтэ тус сөбүлүүр дьарыккар ылсарыҥ ордук.
КҮРҮЛГЭН
Уустук дьыаланы быһаарыы буолууһу. Туора дьону тыл аҥаарыттан өйдүүр буолуоҕуҥ. Дьон кыһалҕатын чугастык ылынаҕын. Онон урукку өттүгэр сыһыаныҥ алдьаммыт чугас дьоҥҥун кытта эйэлэһэргэ тоҕоостоох кэм.
БАЛЫКТАР
Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ олоххо буола турар быһыыны-майгыны сыаналыыргар көмөлөһүөҕэ. Саҥаны үөрэтэргэ, ылынарга кыһан. Чугас киһигин кытта сыһыаны тупсара сатаа. Үчүгэй сонуннары истиэххин сөп. Ол эрээри истибиккин эрэ барытын ыраас мууска уурар буолума.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: