Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Сэтинньи 29 – ахсынньы 6 күннэрэ
Хой
Соһуччу доруобуйаҕын көрдөрөргө күһэллиэҥ. Бу араас төрүөттээх буолуон сөп. Эчэйии, урукку ыарыыҥ көбүөн эбэтэр оһол буолуон сөп. Онон бу күннэргэ сэрэнэ, харыстана сырыт.
Оҕус
Үүнэр нэдиэлэҕэ сөбүлээбэт дьоҥҥун кытта алтыһа сатаама. Уопсайынан бу күннэргэ элбэх дьонноох сиртэн тэйэ туттуоххун саныыгын, бэйэҕэр бүөмнүк сылдьыаххын баҕараҕыҥ.
Игирэлэр
Дьону тылгар киллэрэргэ дьулуһууҥ үтүөнэн эргийбэт. Дьону кытта сыһыаны харыстыы сатаа. Доруобуйаҕар болҕомто ууруоххун наада. Сүһүөхтэриҥ моһуоктуохтарын сөп.
Араак
Уустук дьыаланы быһаарыаҥ. Бу олоххор улахан суолтаны ылыаҕа. Бэйэҕэр саҥа дьоҕуру арыйыаҥ. Ситиспит дьыалаҕар тохтоон хаалыма. Сыал-сорук туруорунан баран иһиэххин наада.
Хахай
Улахан эбээһинэһи сүктэриэхтэрин сөп. Бу дьыалаҕа дьоһуннаахтык сыһыаннаһыаххын наада. Урукку кыһалҕа күөрэйэн тахсыан сөп. Иэскэ-күүскэ киирэ сатаама.
Кыыс
Үүнэр нэдиэлэҕэ быһаарыныы ылыннаххына, элбэҕи ситиһиэххин сөп. Туох буолара барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Буолар уларыйыылары холкутук ылына сатаа.
Ыйааһын
Илиигинэн үлэлээҥҥин сэниэлэниэҥ. Тутуу, өрөмүөн ситиһиини түстүөҕэ. Санааҕын уурбут дьыалаҥ харчылаһаргар кыах биэриэн сөп.
Скорпион
Докумуону кытта үлэҕэ ситиһиилэниэҥ. Онон юридическай хайысхалаах дьыалаҕа ылсарыҥ наада. Былааннаммыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэ сатаа.
Охчут
Бары дьыалаҕа сэрэхтээхтик сыһыаннас. Дьону кытта уопсай тылы буларга кыһан. Хопко-сипкэ киирэн биэриэххин сөп. Арыый бүөмнүк, чуумпутук сырыт.
Чубуку
Туруккун, доруобуйаҕын кэтэнэ сырыт. Наһаа кыраттан кыйыттаҕын, ньиэрбинэйдиигин. Онон, буола турар быһыыны-майгыны холкутук анаалыстыы үөрэн.
Күрүлгэн
Туора дьон дьыалатыгар орооһума, кыттыһыма. Бэйэҥ сөбүлүүр дьарыккынан ылсан, санааҥ кэҥиэн сөп. Айылҕаҕа сылдьыы, чэбдик салгыҥҥа хаамыы көмөлөһүө.
Балыктар
Аптарытыаккын үрдэтэргэ кыһан. Ардыгар дьон аахайбат курдук буоларын тулуйар наадата суох. Тулалыыр дьоҥҥун кытта элбэхтэ кэпсэтэн, санаа истии туһалаах буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: