Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Сэтинньи 29 – ахсынньы 6 күннэрэ

Share

Хой

Соһуччу доруобуйаҕын көрдөрөргө күһэллиэҥ. Бу араас төрүөттээх буолуон сөп. Эчэйии, урукку ыарыыҥ көбүөн эбэтэр оһол буолуон сөп. Онон бу күннэргэ сэрэнэ, харыстана сырыт.

 Оҕус

Үүнэр нэдиэлэҕэ сөбүлээбэт дьоҥҥун кытта алтыһа сатаама. Уопсайынан бу күннэргэ элбэх дьонноох сиртэн тэйэ туттуоххун саныыгын, бэйэҕэр бүөмнүк сылдьыаххын баҕараҕыҥ.

 Игирэлэр

Дьону тылгар киллэрэргэ дьулуһууҥ үтүөнэн эргийбэт. Дьону кытта сыһыаны харыстыы сатаа. Доруобуйаҕар болҕомто ууруоххун наада. Сүһүөхтэриҥ моһуоктуохтарын сөп.

Араак

Уустук дьыаланы быһаарыаҥ. Бу олоххор улахан суолтаны ылыаҕа. Бэйэҕэр саҥа дьоҕуру арыйыаҥ. Ситиспит дьыалаҕар тохтоон хаалыма. Сыал-сорук туруорунан баран иһиэххин наада.

Хахай

Улахан эбээһинэһи сүктэриэхтэрин сөп. Бу дьыалаҕа дьоһуннаахтык сыһыаннаһыаххын наада. Урукку кыһалҕа күөрэйэн тахсыан сөп. Иэскэ-күүскэ киирэ сатаама.

Кыыс

Үүнэр нэдиэлэҕэ быһаарыныы ылыннаххына, элбэҕи ситиһиэххин сөп. Туох буолара барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Буолар уларыйыылары холкутук ылына сатаа.

Ыйааһын

Илиигинэн үлэлээҥҥин сэниэлэниэҥ. Тутуу, өрөмүөн ситиһиини түстүөҕэ. Санааҕын уурбут дьыалаҥ харчылаһаргар кыах биэриэн сөп.

Скорпион

Докумуону кытта үлэҕэ ситиһиилэниэҥ. Онон юридическай хайысхалаах дьыалаҕа ылсарыҥ наада. Былааннаммыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэ сатаа.

Охчут

Бары дьыалаҕа сэрэхтээхтик сыһыаннас. Дьону кытта уопсай тылы буларга кыһан. Хопко-сипкэ киирэн биэриэххин сөп. Арыый бүөмнүк, чуумпутук сырыт.

Чубуку

Туруккун, доруобуйаҕын кэтэнэ сырыт. Наһаа кыраттан кыйыттаҕын, ньиэрбинэйдиигин. Онон, буола турар быһыыны-майгыны холкутук анаалыстыы үөрэн.

Күрүлгэн

Туора дьон дьыалатыгар орооһума, кыттыһыма. Бэйэҥ сөбүлүүр дьарык­кынан ылсан, санааҥ кэ­­ҥиэн сөп. Айылҕаҕа сылдьыы, чэбдик салгыҥҥа хаамыы көмөлөһүө.

Балыктар

Аптарытыаккын үрдэтэргэ кыһан. Ардыгар дьон аахайбат курдук буоларын тулуйар наадата суох. Тулалыыр дьоҥҥун кытта элбэхтэ кэпсэтэн, санаа истии туһалаах буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Ахсынньыга — Грузия бэрэсидьиэнин быыбара

Хара муора илиҥҥи биэрэгэр арҕааттан күүстээх долгун охсуллан, Грузия, Абхазия аалларын биэтэҥнэттэ. Грузияҕа быйыл күһүн…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Михаил Захаров төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээтилэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Нөөрүктээйи нэһилиэгэр уһулуччулаах салайааччы Михаил Павлович Захаров төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир бэлиэ…

35 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Киин куоракка ууну, уоту араарыахтара

Бүгүн, сэтинньи 29  күнүгэр, куорат үрдүнэн быстах кэмҥэ өрөмүөн үлэтэ буоларынан  сибээстээн, күн устата араас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -10-15°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр,  Анаабыр, Булуҥ оройуоннарыгар тыаллаах күн туруоҕа. Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ арҕааттан, хотугулуу-арҕааттан …

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юлия Белехова ХИФУ-га сырытта

Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, Хотугулуу- Илиҥҥи федеральнай университет учуонай Сэбиэтин саалатыгар РФ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?

«Грипп утары быһыыны хаһан ылар табыллыбатый?», - диэн «Саха сирэ» саайт ааҕааччылара ыйыталлар. Бу ыйытыкка…

13 часов ago