Хой
Ис санааҕын сааһыланаргар, дьону кытта сыһыаҥҥын анаалыстаан көрөргөр тоҕоостоох кэм. Тоҕо эйигин дьон ардыгар ылымматый? Санааҕын утары этэртэн, кыра аайы хатыыланан иһэртэн туттуна үөрэниэххин наада. Ардыгар чуумпутук сылдьыы көмөлөөх диэн сулустар сүбэлииллэр.
Оҕус
Холкутуйар кэм буолбатах. Түбүк үгүс буолууһу. Тулалыыр дьонуҥ болҕомтону ирдииллэр. Үлэҕэр да кыаллыбатах кыһалҕа үгүс. Ол эрээри бу сүпсүлгэн быыһыгар истиҥ иэйиигэ бириэмэ көстүүһүк. Саҥа билсиһиилэр, истиҥ кэпсэтиилэр санааҕын кынаттыахтара.
Игирэлэр
Уустук нэдиэлэ саҕаламмыт. Кирэдьиит, дьиэ-уот кыһалҕата ыган кэлбит. Маны барытын быһаараргар үгүс күүскүн барыыһыккын. Доруобуйаҕар болҕомтото уур. Эрдэ көрдөрүммэккэ сылдьыбытыҥ күөрэйэн тахсан моһуоктуон сөп.
Араак
Ыраах айан кэтэһэр. Саҥа дьону кытта билсэн астыныаҥ. Олоххо көрүүҥ уларыйыа. Төһө даҕаны саҥа уларыйыылары күүппэтэҕиҥ иһин, бу уларыйыылар тус олоххун эмиэ таарыйыахтарын сөп. Чугас дьоҥҥор соччото суох быһыы-майгы тахсыан сөп. Күүс-көмө, өйөбүл буолуоххун наада.
Хахай
Уустук кэм бүрүүкээбит. Барытын кыайыах курдук санана сылдьыбытыҥ атын өттүнэн иэҕиллэн тахсыбыт. Дьоҥҥо сыһыаҥҥын көрүнэргэр уолдьаспыт. Быһаарыныы ылынаргар, сүбэ-соргу буоларгар тулалыыр дьонуҥ эрэнэллэр. Чугас киһигин кытта сыһыаны алдьаппат курдук сыһыаннаһыаххын наада.
Кыыс
Былааныҥ элбэх, ол эрээри ардыгар ити санааларыҥ баҕа санаа курдук симэлийэн иһэллэр. Дьиҥ олоххо киллэрэргэр эйигиттэн күүстээх санаа уонна сааһыланыы ирдэнэр. Дьиэ кэргэҥҥэр бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутума. Дьон санаатын истэргэ, кинилэри өйдүүргэ кыһан.
Ыйааһын
Бэйэҕиҥ саҥаттан арыйыаҥ. Эрдэ бэйэҕэр сыаналаабатах хаачыстыбаҥ дьону кытта сыһыаны олохтуурга көмөлөһүөҕэ. Быһыы-майгы түргэнник уларыйар кэмигэр тэҥҥэ хардыылаан ис. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт. Сүрэх, дабылыанньа өттүнэн бэргиэххин сөп.
Скорпион
Ыраах айаҥҥа турунуоҥ. Онтуҥ ситиһиилээх буолуоҕа. Бу нэдиэлэ устата ылсыбыт дьыалаҕар ситиһии күүтэр. Үп-харчы өттүгэр табыллыы күүтэр. Үгүс култуурунай тэрээһиннэргэ сылдьан санааҥ көтөҕүллүө. Доруобуйаҥ этэҥҥэ.
Охчут
Хопко-сипкэ кыһаныма, болҕомтоҕун уурума. Сырдык санаанан салайтаран сырыт. Ардыгар дьон ситиһиитин ордук саныыр эбиккин. Искэр итинник санааны иитиэхтээмэ. Уопсастыбаннай олоххо оройгунан умса түһүүһүккүн. Дьиэ кэргэҥҥэр болҕомто уураргын умнума.
Чубуку
Сынньалаҥ кэмэ. Уруккуттан санаа ымыыта оҥостубут баҕа санааҕын олоххо киллэрэргэр тоҕоостоох кэм. Чугас киһиҥ өйдүүр, эн саҥа саҕалааһыҥҥын барытын өйүүр. Үп-харчы, таптал өттүгэр ситиһии күүтэр. Кыралаан харчы мунньунан санааҥ көтөҕүллүө.
Күрүлгэн
Нэдиэлэ саҥата олус сүпсүлгэннээх буолууһу. Чугас дьоҥҥун кытта саҥа дьыаланы саҕалыыргар тоҕоостоох кэм. Ол эрээри туора дьон саҥатын аһары чугастык ылыныма. Ньиэрбэҕин харыстана сырыт. Бу уустук кэм начаас ааһыаҕа.
Балыктар
Айар куттаах балыктарга ситиһиилээх кэм. Үлэҕэр бэйэҕин үчүгэй үлэһит курдук көрдөрөргөр тоҕоостоох кэм. Салалтаҕа табан сыһыаннастаххына, дуоһунаһыҥ да үрдүөн сөп. Ол эрээри дьону кытта иирсэртэн, тыл-тылга киирсибэт буолууттан туттунарыҥ наада. Нэдиэлэ бүтүүтэ үчүгэй сонуну истиэҥ.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…