Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 8 – 15 күннэрэ)
ХОЙ
Хойдору уустук нэдиэлэ кэтэһэр. Ис-искиттэн күүрэн баран сылдьыаҥ, дьону кытта сатаспакка эрэйдэниэҥ. Дьону кытта ардыгар уопсай тылы була сатыаххын наада. Эн эппитиҥ эрэ барыта сөп буолбатаҕын балаһыанньа уларыйарыттан көрөн өйдүөҥ.
ОҔУС
Ис туруккун бэрэбиэркэлэнэр кэмиҥ. Оҥорор дьайыыларгын былаанныырыҥ ордук. Бэйэҥ көрүүгүн дьоҥҥо соҥноомо, дьон интэриэһэ атынын ылына сатаа.
ИГИРЭЛЭР
Судургу нэдиэлэ саҕаламмыт. Ол эрээри муунтуйбут санааҕын үллэстэр киһиҥ суох. Чугас дьоҥҥор санааҕын эппэккин. Дьиэ кэргэн кыһалҕата ыгар. Харчыга, дуогабарга сыһыаннаах дьыалаҕа сэрэхтээх буол.
АРААК
Эньиэргийэҥ элбэх, саҥа билсиһии долгутар. Ол быыһыгар ыраах айан кэтэһэр. Хас буолан арахсан барытын саба тутуоххун билбэккин. Ол эрээри ис туруккун сааһыланан тус сыалгын ситиһиигэ болҕомтоҕун уур.
ХАХАЙ
Сэргэх нэдиэлэ үүммүт. Ситиһии да баар, үтүө сонуннар да үөрдэллэр. Ол эрээри сыалгын сатаан туруорумматаххына, былааҥҥын ситэргэ кыһамматаххына, элбэҕи куоттарыаххын сөп.
КЫЫС
Өйү-санааны сааһыланар кэм. Эн быһаарыыгын, болҕомтоҕун күүтэр дьыалаларынан дьарыктан. Саҥаны айарга-тутарга сэниэлээххин, идиэйэлээххин. Онон бу нэдиэлэ хамсанан хаал.
ЫЙААҺЫН
Аһары ноҕуруускаламмакка сырыт. Өйгүн-санааҕын сааһылаа. Саҥа былааннары туруорунума. Харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох буол. Иэс киирэ сатаама.
СКОРПИОН
Бэйэҥ ис туруккун сааһыланаргар тоҕоостоох кэм. Туохха баҕараҕын, туох сыаллааххын сыта-тура толкуйданыаҥ. Үлэни, сынньалаҥы дьүөрэлии тута сатаа.
ОХЧУТ
Үчүгэй нэдиэлэ үүммүт. Тапталга да табыллыы күүтэр. Үгүс болҕомтону ылыаҥ. Ол эрээри ис санааҕын ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Үлэҕэр кыраттан сылтаан өйдөспөт түгэн тахсыан сөп.
ЧУБУКУ
Сыалгын ситиһэргэр, туох эрэ наадалааҕы оҥорорго сөптөөх нэдиэлэ. Тус сыһыаннаһыыга настарыанньаҥ уларыйа сылдьыаҕа. Улахан иирсээни таһаарыма. Ол кэриэтин аһаҕас кэпсэтии өйдөһүүгэ тиэрдэрин умнума.
КҮРҮЛГЭН
Табыллыы, ситиһии нэдиэлэтэ тосхойбут. Тус олоххор өр күүппүт көрсүһүүҥ буолуоҕа. Аһаҕас, үөрүнньэҥ буоларга кыһалын. Бэйэҕэр бүгүмэ.
БАЛЫКТАР
Олоххор тугу эрэ уларытыаххын баҕараҕыҥ. Чугас дьоҥҥун кытта ардыгар өйдөспөккүн. Оҕолоруҥ көрүүлэрэ атына санааҕын түһэрэр. Ис дьиҥэр, барыта эн эппиккинэн буолбатын ылынарга үөрэниэххин наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: