Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп: тохсунньу 10-17 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: тохсунньу 10-17 күннэрэ

Ааптар:
10.01.2025, 08:00
Бөлөххө киир:

Нэдиэлэтээҕи гороскоп тугу этэр эбитий? Сулустар тугу сипсийэллэр.

Хой

Саҥа сылга элбэх саҥа былааннардаах үктэммиккин. Барытын саҥаттан саҕалыырга бэлэмҥин. Өр кэм устата олоххо көрүүлэргин, ис санааҕын сааһыланан, туох эрэ түмүккэ кэлбиккин өйдүөҕүҥ.

Оҕус

Саҥа сылга кимиилээхтик киирбиккин. Элбэҕи ситиһэр санаалааххын. Ыраах айаҥҥа турунууҥ ситиһиини тосхойуо, онон уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка хамсаныаххын наада.

Игирэлэр

Үлэҕэ-хамнаска ыктараҥҥын дьиҥ олоххо сыалгын өрүү уталытан иһэр курдуккун. Тохсунньу сыалгын ситиһэргэр тоҕоостооҕун умнума. Тус олоххор барыта эриэ-дэхси. Ол эрээри чугас дьонуҥ өйөбүллэригэр наадыйаргын биллэрэр наадатын умнума.

Араак

Кэннигин хайыһан олорон кэлбит олоххун сыаналыыр, ырыҥалыыр буол­буккун. Тулаҕар элбэх дьон баар курдук эрээри, ис дууһаҕар соҕотохсуйа­ҕын. Бэйэҥ сөбүлүүр дьыалаҕынан ылсан дьарыктаннаххына, былааҥҥын сааһыланнаххына, орун-оннугар түһүөҕэ.

Хахай

Аҕам саастаахтары кытта уопсай тылы булар уустугурбут. Эрэннэрбит тылгын толорбокко сылдьаргыттан хомойуохтарын сөп. Дьон туһугар кыһанар-мүһэнэр буоллаххына, эйиэхэ эмиэ көмөлөһүөхтэрэ. Дьиэ кэргэҥҥэр өйдөһүүгэ тиийэргэ кыһан.

Кыыс

Дьону кытта сыһыаннаһыыга ардыгар бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутан, өйдөспөт түгэннэр үөскүүллэр. Тапталлааххын кытта сыһыаҥҥа бэйэмсэх буолуу үчүгэйгэ тиэрдибэт. Ол эрээри тус дьарык, тус санаа диэн баарын умнума.

Ыйааһын

Истиҥ сыһыан, сэргэх кэпсэтии санаа­ҕын кынаттыа. Доҕоттору кытта көрсүһүүлэр үөрдэллэр. Дьиэ кэргэҥҥэр сыһыан арыый тыҥаан ылыан сөп. Бу аҥаардас бэйэҥ эрэ интэриэскинэн олорууттан тахсарыгар бэйэни буруйданар эмиэ сатаммат. Икки киһи сыһыаныттан тутулуктаах диэн сулус­тар бэлиэтииллэр.

Скорпион

Олоххор саҥа сыалы-соругу туруорар кэмиҥ кэлбит. Аҥаардас күннээҕинэн олоруу үөрдүбэт. Биир санаалаахтаргын кытта алтыһыы наада. Бу күннэргэ үчүгэй сонуну истиэҥ. Харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа, биисинэскэ болҕомтолоох буолуу ирдэнэр.

Охчут

Урут алтыһан ааспыт доҕотторуҥ соһуччу күөрэйиэхтэрэ. Онно бэлэм буол. Былааҥҥын ыспат туһуттан бириэмэҕин сааһылыы үөрэн. Сулумах охчуттарга саҥа билсиһии, истиҥ сыһыан буолуон сөп.

Чубуку

Үлэҕэ-хамнаска үтүө кэм. Санааҕын ситэргэр кыра да наада. Эн наһаа кэтэмэҕэйдиир, саарбахтыыр эбиккин. Олоххор ити хаачыстыбаҥ элбэхтик мэһэйдиир. Итини туоратарга, итинтэн босхолонорго кыһан. Дьону кытта сыһыаҥҥа аһаҕас буол.

Күрүлгэн

Доруобуйаҕар буортулаах аһылыктан туттунуоххун наада. Үөс, ис, куртах моһуоктуон сөп. Ыраахтан сурах-садьык истиэххин сөп. Доҕотторуҥ, аймахтарыҥ тиийэн кэлиэхтэрэ. Дьон туһуттан күннээҕи былааны уларытар туһаны аҕалбат.

Балыктар

Ыраах айан ситиһиилээх буолуоҕа. Саҥа дьоннуун алтыһыы, биисинэскэ табыллыы санааҕын көнньүөрдүө. Оттон ыраах айаҥҥа туруммат да буоллаххына, аймахтары, чугас дьону кытта алтыһыы настарыанньаны көтөҕүө.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 января
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: