Хой
Көхтөөх, туруоруммут сыалларын ситиһэр хойдорго ситиһиилээх нэдиэлэ буолууһу. Быар куустан баран олордоххо, туох да сатаммата биллэр. Ылсыбыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһан. Онон нэдиэлэ хайдах ааһара бэйэҕиттэн тутулуктаах.
Оҕус
Уустук нэдиэлэ үүммүт. Соһуччу түгэннэр буолуохтара. Ким эмит көмөлөһүө, сүбэ-соргу буолуо диэн эрэнимэ. Быһаарыныы ылынарыҥ бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Нэдиэлэ бүтүүтэ дьыалабыай көрсүһүү күүтэр.
Игирэлэр
Былааҥҥын уларытарыҥ сатаммат. Болҕомтоҕун тардар дьыалаҕа бириэмэҕин харыһыйыма. Нэдиэлэ устата элбэх интэриэһинэй буолуоҕа. Буолар тэрээһиннэртэн, көрсүһүүлэртэн туора туттума, элбэҕи куоттарыаххын сөп.
Араак
Балаһыанньа түргэнник быһаарыллыа дии санаама. Элбэх дьыаланы-куолуну барытын соҕотох быһаарарга күһэллиэҥ. Онон тулуурдаах буоларга кыһан. Соһуччу ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп.
Хахай
Нэдиэлэ устата үгүс интэриэһинэй көрсүһүүлэр буолуохтара. Олоххо көхтөөххүн, саҥаны саҕалыыртан толлубаккын. Олоҕу көрүүҥ уларыйыан сөп, онуоха саҥа билсиһиилэр олук ууруохтара. Туруоруммут сыалгын ситиһэргэр тоҕоостоох кэм.
Кыыс
Бары өттүнэн ситиһиилээх нэдиэлэ үүммүт. Бу сырыыга өйүҥ уонна сүрэҕиҥ мөккүөрдэрин холкутук быһаарар кыахтааххын. Үлэҕэр эппиэтинэстээх дьыаланы сүктэриэхтэрин сөп. Тус кыһалҕаҕын искэр тута сылдьыма, дьону кытта санааҕын үллэстэ үөрэн.
Ыйааһын
Умнуллубат түгэннэринэн нэдиэлэ баай буолуоҕа. Ол эрээри барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Бу күннэргэ үгүс кыһалҕалаах дьон сүбэ-ама көрдүөҕэ. Дьоҥҥо көмөлөһөртөн аккаастаныма. Тус дьыалаҕын быһаараргар, докумуону кытта үлэҕэ болҕомтолоох буол.
Скорпион
Аҥаардас үлэҕинэн олорор тутах. Элбэх дьонноох сиргэ, уопсастыбаҕа сылдьан сэргэхсийиэххин наада. Чугас дьоҥҥор болҕомтото уур. Нэдиэлэ бүтүүтэ үчүгэй сонуннары истиэҥ.
Охчут
Нэдиэлэ устата тулуурдаах буолуу ирдэнэр. Туруоруммут сыалгыттан туораама. Бириэмэҕин сөпкө аттарыннаххына, элбэҕи ситиһиэххин сөп. Солуута суох кэпсэтиилэргэ, көрсүһүүлэргэ бириэмэҕин бараама.
Чубуку
Аһаҕас, үөрүнньэҥ чубукуларга үтүө кэм. Бырааһынньыктан, көрсүһүүлэртэн аккаастаныма. Ол эрээри бэйэ бодотун тардынан сылдьар ордук. Чугас дьонуҥ эмиэ болҕомто ирдииллэр. Дьону кытта уопсай тылы булуоҥ, саҥа былааннары туруорунуоҥ.
Күрүлгэн
Олоххо көхтөөх буолуу ирдэнэр. Ким эрэ кэлэн олоххун тупсарарын күүтүмэ. Саҥа соруктары туруорунан, баран-кэлэн, дьоннуун алтыһан санааҥ көнньүөрүө. Дьыалабыай кэпсэтиилэргэ кытаанах буолуу туһаны аҕалыа. Уустук балаһыанньаттан мындыр өйгүнэн тахсар кыахтааххын.
Балыктар
Дьону кытта тус сыһыаҥҥын тупсарарга, үлэҕэр-хамнаскар балаһыанньа барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Ол эрээри дьону кытта кэпсэтиигэ аһары аһаҕас буолума. Саҥа былааннары кэлэр нэдиэлэҕэ диэри уталытар ордук.
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…
Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…