Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Тохсунньу 24 – тохсунньу 31 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: Тохсунньу 24 – тохсунньу 31 күннэрэ

Ааптар:
24.01.2025, 08:00
Бөлөххө киир:

Хой

Бу нэдиэлэ устата тас эйгэҕэ буолар быһыы-майгы барыта эйиэхэ табыгастаах буолуоҕа. Дьон да сыһыана тупсуоҕа. Онон түгэни туһанан санаабыт соруккун олоххо киллэрэргэ дьулус.

 

Оҕус

Үлэҕэр-хамнаскар бу күннэргэ соччото суох кэм үүммүт. Ити барыта туора дьон кыһалҕатын быһаара сатааһынтан үөскүөн сөп. Ол эрээри дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ, үп-харчы да сөбүгэр баар.

 

Игирэлэр

Ханнык кэмҥэ күлүккэ, ханнык кэмҥэ дьон ортотугар буоларгын өйдүөххүн наада. Тус олоҕуҥ үөрдэр. Үтүө сыһыаны олохтуур туһуттан бэйэҥ да бириинсипкин тутуһумуоххун сөп. Ыам ыйыгар төрөөбүт игирэ бэлиэлээхтэр улахан былааны туруорумаҥ, кыратык кэтэһэ түһэр наада.

 

Араак

Соһуччу түгэннэр күүтэллэр. Дьылҕа биэрэр бэлэхтэрин мүччү тутумуоххун наада. Арай нэдиэ­лэ устата улахан уларыйыы да буолбатаҕына, дьыалаҥ-куолуҥ кыһалҕата суох табыллара үөрдүө.

 

Хахай

Үлэҕэр иирсээн тахсыан сөп. Аһары үлэһит буолаҥҥын дьон хараҕын далыгар сылдьаҕын, ордук да санааччы элбэх. Дьону кытта сыһыаны алдьата сатаама, кэлин сыыһаларын өйдүөхтэрэ.

 

Кыыс

Атырдьах ыйыгар төрөөбүт кыыс бэлиэлээхтэри ситиһии күүтэр. Тапталга, доҕордоһууга табыллыаҥ. Дьиэлээхтэри кытта сыһыан арай тыҥыан сөп, өйдөһүүгэ тиийэ сатаа.

 

Ыйааһын

Аһары көхтөөх нэдиэлэ үүммүт, туох эрэ үчүгэйи, саҥаны боруобалыаххын, саҕалыаххын баҕараҕын. Саҥа билсиһии доҕордоһууга да кубулу­йуон сөп. Ол эрээри харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох буолуу ирдэнэр, былаана суох ону-маны атыылаһымаҥ.

 

Скорпион

Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаныҥ тыҥыан сөп. Аҕам саастаах дьоҥҥо тулуурдаах буол. Көмөлөһөртөн, сүбэ-ама буолартан кыбыстыма. Тус олоххор улахан уларыйыы суох эрээри, элбэх дьону кытта алтыһыы санааҕын үөрдүө.

 

Охчут

Кими баҕарар тылгар киллэрэн соруккун ситиһэр кыахтааххын.  Олоххо буолар түгэннэртэн үтүөтүн сомсон ыларга дьулус. Кыраттан кыыһыраргын тохтотон, чуумпуран бэйэҕин иһиллэнэн көр. Санааны сааһыланыыга тоҕоостоох кэм.

 

Чубуку

Саамай хорсун баҕа санааларгын олоххо киллэрэр кыахтааххын. Наадалаах дьону кытта си­­бээс олохтуурга үтүө кэм. Үлэҕэ-хамнаска барыта этэҥҥэ, инниҥ хоту баран ис диэн сулустар сүбэлииллэр.

 

Күрүлгэн

Дьон болҕомтотун тардаҕын, убаастабылы да ылаҕын. Ол эрээри бэйэҕин син биир астыммат курдуккун. Чугас киһигин кытта ирэ-хоро санаа­ҕын үллэстэ үөрэн. Буолар быһыы-майгы барыта кыһалҕаны хайдах быһаараргыттан тутулуктаах.

 

Балыктар

Олоххо уопуттаах, мындыр толкуйдаах киһи сүбэтэ уустук кэмҥэр көмөлөһүөн сөп. Кулун тутар 10 күнүгэр диэри төрөөбүт балык бэлиэлээхтэр дьиэ кэргэннэрин иһигэр сыһыаннара уустугуруон сөп. Бу барыта бэйэҕиттэн сылтаан буолбутун өйдүөххүн наада.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: