Хой
Бу нэдиэлэ устата тас эйгэҕэ буолар быһыы-майгы барыта эйиэхэ табыгастаах буолуоҕа. Дьон да сыһыана тупсуоҕа. Онон түгэни туһанан санаабыт соруккун олоххо киллэрэргэ дьулус.
Оҕус
Үлэҕэр-хамнаскар бу күннэргэ соччото суох кэм үүммүт. Ити барыта туора дьон кыһалҕатын быһаара сатааһынтан үөскүөн сөп. Ол эрээри дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ, үп-харчы да сөбүгэр баар.
Игирэлэр
Ханнык кэмҥэ күлүккэ, ханнык кэмҥэ дьон ортотугар буоларгын өйдүөххүн наада. Тус олоҕуҥ үөрдэр. Үтүө сыһыаны олохтуур туһуттан бэйэҥ да бириинсипкин тутуһумуоххун сөп. Ыам ыйыгар төрөөбүт игирэ бэлиэлээхтэр улахан былааны туруорумаҥ, кыратык кэтэһэ түһэр наада.
Араак
Соһуччу түгэннэр күүтэллэр. Дьылҕа биэрэр бэлэхтэрин мүччү тутумуоххун наада. Арай нэдиэлэ устата улахан уларыйыы да буолбатаҕына, дьыалаҥ-куолуҥ кыһалҕата суох табыллара үөрдүө.
Хахай
Үлэҕэр иирсээн тахсыан сөп. Аһары үлэһит буолаҥҥын дьон хараҕын далыгар сылдьаҕын, ордук да санааччы элбэх. Дьону кытта сыһыаны алдьата сатаама, кэлин сыыһаларын өйдүөхтэрэ.
Кыыс
Атырдьах ыйыгар төрөөбүт кыыс бэлиэлээхтэри ситиһии күүтэр. Тапталга, доҕордоһууга табыллыаҥ. Дьиэлээхтэри кытта сыһыан арай тыҥыан сөп, өйдөһүүгэ тиийэ сатаа.
Ыйааһын
Аһары көхтөөх нэдиэлэ үүммүт, туох эрэ үчүгэйи, саҥаны боруобалыаххын, саҕалыаххын баҕараҕын. Саҥа билсиһии доҕордоһууга да кубулуйуон сөп. Ол эрээри харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох буолуу ирдэнэр, былаана суох ону-маны атыылаһымаҥ.
Скорпион
Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаныҥ тыҥыан сөп. Аҕам саастаах дьоҥҥо тулуурдаах буол. Көмөлөһөртөн, сүбэ-ама буолартан кыбыстыма. Тус олоххор улахан уларыйыы суох эрээри, элбэх дьону кытта алтыһыы санааҕын үөрдүө.
Охчут
Кими баҕарар тылгар киллэрэн соруккун ситиһэр кыахтааххын. Олоххо буолар түгэннэртэн үтүөтүн сомсон ыларга дьулус. Кыраттан кыыһыраргын тохтотон, чуумпуран бэйэҕин иһиллэнэн көр. Санааны сааһыланыыга тоҕоостоох кэм.
Чубуку
Саамай хорсун баҕа санааларгын олоххо киллэрэр кыахтааххын. Наадалаах дьону кытта сибээс олохтуурга үтүө кэм. Үлэҕэ-хамнаска барыта этэҥҥэ, инниҥ хоту баран ис диэн сулустар сүбэлииллэр.
Күрүлгэн
Дьон болҕомтотун тардаҕын, убаастабылы да ылаҕын. Ол эрээри бэйэҕин син биир астыммат курдуккун. Чугас киһигин кытта ирэ-хоро санааҕын үллэстэ үөрэн. Буолар быһыы-майгы барыта кыһалҕаны хайдах быһаараргыттан тутулуктаах.
Балыктар
Олоххо уопуттаах, мындыр толкуйдаах киһи сүбэтэ уустук кэмҥэр көмөлөһүөн сөп. Кулун тутар 10 күнүгэр диэри төрөөбүт балык бэлиэлээхтэр дьиэ кэргэннэрин иһигэр сыһыаннара уустугуруон сөп. Бу барыта бэйэҕиттэн сылтаан буолбутун өйдүөххүн наада.
Ил Дархан Айсен Николаев Ис дьыала министиэристибэтин гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ, буруйу оҥорууну утары охсуһууга уонна…
Бэҕэһээ суруналыыстар уонна блогердар тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров көҕүлээһининэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоҕус уонна…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыллааҕы үп-хаһаайыстыба үлэтин түмүгүн уонна 2025 сыллааҕы былааннары көрөр сүбэ…
Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ "Аҕа дойдуну көмүскээччи" пуонда филиалын көмөтүнэн "Юнармия" байыаннай-патриотическай хамсааһын ыстаабын начаалынньыгынан буолла. …
Хорообут нэһилиэгин баһылыга Гаврил Бродников аара көрсөн «Алаас-Ас» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооперативыгар илтэ. Онон аан…
СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота быйыл олунньу 3 күнүттэн Горнай улууһуттан саҕаланыа. Улуус олохтоохторун кытары СӨ Бырабыыталыстыбатын…