Хой
Бу нэдиэлэҕэ уйулҕаны үөрэтиини сэргиэҕиҥ. Саҥа дьарык бары бириэмэҕин ылыаҕа, ол эрээри улахан дуоһуйууну аҕалыаҕа. Тус олоххор мантан ордук уларыйыы суох. Аҥаардас үлэҕинэн, дьиэҕинэн олоруу эйигин хаһан да үөрдүбэт этэ. Онон саҥа ылсыбыт дьыалаҥ аны дохуот киллэрэрин туһунан толкуйу тобулуоҥ.
Оҕус
Таптыыр киһиҥ эн оҥорон көрөрүҥ курдук буолбатаҕын бэлиэтиэҥ. Ол эрээри сыһыаны тосту уларытар туох да үчүгэйи аҕалыа суоҕа. Хас биирдии киһи туспа эйгэлээҕин, интэриэстээҕин өйдүөххүн уонна ылыныаххын наада.
Игирэлэр
Быһаарыныы ылыныаҥ иннинэ сэттэтэ кээмэйдээ диэн өс хоһоонун умнума. Чугас киһигин кытта киҥир-хаҥыр саҥарсыы, өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Манна бэйэни туттунар, саҥата суох хаалар сүүйүүлээҕин өйдүөҕүҥ.
Араак
Дьиэ кэргэҥҥэр уустук балаһыанньа үөскээбит. Уруккуттан аһаҕас кэпсэтиигэ таһаарбакка кистии сылдьыбыт кыһалҕаҥ иккистээн күөрэйииһик. Холкутук атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ уолдьаспыт.
Хахай
Доруобуйаҕар болҕомто уурууһуккун. Бэйэҕин харыстаммакка өрүү харчы эккирэтиһиитигэр сылдьар буолбуккун. Чугас дьонуҥ ардыгар өйдөөбөт курдуктар. Ыгыллар, муунтуйар санааҕын аһаҕастык кэпсэтэн таһаарыаххын наада.
Кыыс
Чугас киһиҥ үөйбэтэх өттүгүттэн санаатын этэн соһутуо. Кини эмиэ киһи, санаатын, ис туругун аһаҕастык кэпсээбэт буолла да онно наадыйбат диэн буолбатах.
Ыйааһын
Бэйэҕэр элбэх саҥаны арыйыаҥ. Урукку сыаннастар суолталара сүтүөн сөп. Күннээҕинэн, бүгүҥҥүнэн олоруоххун баҕарыаҥ. Сынньанарга, доҕоттору кытта көрсөргө сөп буолбут.
Скорпион
Туох даҕаны кыаллыбат курдук. Эйиэхэ сүбэ-ама буолар чугас киһиҥ суох курдук сананыаҥ. Оттон ис дьиҥэр, эн бэйэҥ барытын искэр тутаҕын. Санааҕын дьоҥҥо сатаан тиэрдибэккин.
Охчут
Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол. Ардыгар дьон санаатын истибэккин. Бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутар, дьон санаатын аахсыбат буоллаххына, нэдиэлэ устата соҕотох чуҥкуйуоҥ.
Чубуку
Чугас киһигин кытта сыһыаннаһыыга сымнаҕас буол. Барытын хонтуруолга тутар сыһыаны тымнытыан сөп. Үлэҕэ-хамнаска аһары үлүһүйэн чугас дьоҥҥор болҕомтоҥ тиийбэт.
Күрүлгэн
Дьиэ кэргэҥҥэ эн өйөбүлгэр наадыйаллар. Аһары сылайар буолаҥҥын кимиэхэ да наадыйбат курдуккун. Нэдиэлэ ортото ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Таптыыр киһигэр кыра бэлэх, болҕомто ууран сыһыаны тупсарыаххын сөп.
Балыктар
Кыраны да уустугурдар, сүрэххэр аһары чугастык ылынар ураты айылгылааххын. Нэдиэлэ устата эппиэтинэстээх үлэ сүктэриллиэ. Бэйэ бодотун тардына сырыт. Хопко-сипкэ кыттыһыма.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…