Хой
Өрөгөй нэдиэлэтэ үүммүт. Үлэҕэр саҥа кыах аһыллыа. Салайааччыҥ болҕомтотун ылыаҥ. Нэдиэлэ устата харчы оҥорорго тоҕоостоох буолуоҕа. Тус олоххор үчүгэй уларыйыылар күүтэллэр.
Оҕус
Дьиэ кэргэн иһигэр улахан уларыйыы күүтэр. Эдэр ыалы оҕо кута батыһар. Үлэҕэ-хамнаска саҥа бырайыактары саҕалыырга табыгастаах кэм. Таптал эйгэтигэр саҥа билсиһии күүтэр.
Игирэлэр
Айар үлэҕэ талааныҥ аһыллыа. Доҕоттор да өйөбүллэрэ баар. Таптал эйгэтигэр олоххор саҥа киһилиин билсиһии күүтэр. Бу нэдиэлэ устата доруобуйаҕар болҕомто уурарыҥ наада.
Араак
Үлэҕэ үрдэл күүтэр. Дьиэ кэргэн иһигэр истиҥ сыһыан үөскүөҕэ. Харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа ситиһии күүтэр. Ол эрээри нэдиэлэ бүтүүтэ мөккүөртэн туттунар наада.
Хахай
Саҥа бырайыактары саҕалыырга табыгастаах кэм. Үлэҕэ ситиһии күүтэр. Тус олоххо табыллыы, өйдөһүү баар. Ол гынан баран, харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох буолуу ирдэнэр.
Кыыс
Доруобуйаҕар болҕомтото уур. Үлэҕэр саҥа этиилэр киириэхтэрэ. Элбэх идиэйэлээххин. Тус да олоххор уларыйыылар күүтэллэр. Ол эрээри нэдиэлэ бүтүүтэ быһаарыы ылынартан туттунар наада.
Ыйааһын
Тус олоххор саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Айар үлэ ситиһиини түстүүр. Харчы өттүгэр үчүгэй түгэннэр буолуохтара. Нэдиэлэ бүтүүтэ ис санааҕын ыһа-тоҕо кэпсээмэ, бэйэҕин туттуна сатаа.
Скорпион
Саҥа тэрээһиннэр күүтэллэр. Дьиэ кэргэҥҥэ эриэ-дэхси. Доруобуйаҕар болҕомтолоох буол. Дьону кытта сыһыаннаһыыга арыый тулуурдаах буол. Харчыгын харыстаан тутун.
Охчут
Саҥа билсиһии истиҥ сыһыаҥҥа кубулуйуон сөп. Успуорт эйгэтигэр ситиһии күүтэр. Дуогабар, илии баттаһарга сэрэхтээх буол, албыннатыаххын сөп. Харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомто наада.
Чубуку
Үлэҕэр-хамнаскар саҥа кыах аһыллыа. Харчыга да сыһыаннаах дьыалаҕа табыллыы күүтэр. Дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх түгэннэр күүтэллэр. Нэдиэлэ ортото улахан быһаарыылаах дьаһаллартан туттунар наада.
Күрүлгэн
Дьону кытта сыһыаҥҥа бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутума, мөккүөр төрдүн тардыма. Саҥа билсиһии доҕордуу сыһыаҥҥа кубулуйуон сөп. Бэйэҕин таскыттан көрүнэн сыаналана үөрэн. Эмоцияҕын туттуна сырыт.
Балыктар
Дьону кытта сыһыаҥҥа ис санааҕын барытын таска таһааран дьону өһүргэтиэххин, хомотуоххун сөп. Бэйэни туттуна, салайына үөрэн. Оҕолоргор, чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буол.
Уус Алдан улууһугар Өспөх нэһилиэгэр дьон-сэргэ тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр олохтоохтор, оскуола үөрэнээччилэрэ кинигэ…
Түөкүттэр дьон саамай интэриэһиргиир сонунун, өрүтүн ким хайа иннинэ туһана охсоллор. Онон мөкү болҕомтоҕо, аны,…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу аҕыс түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…
Бүгүн, тохсунньу 31 күнүгэр, «Тэтим» араадьыйа быһа эпииригэр СӨ экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов кыттыыны ылыаҕа. …
Улуу Кыайыы 80 сылынан Амматааҕы О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан айар сайдыы киинин үлэтэ далааһыннанар. Ол курдук, Ольга…
“Сахамедиа” холдинг массыыната Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтигэр бэрт сыыдамнык айаннаан тиийэн, салгыы Араҥас учаастак…