Хаартыска: PxHere
Кэлэр нэдиэлэҕэ эйигин туох күүтэр? Сулустар тугу билгэлииллэр?
Хой
Хорсун, быһаарыныылаах санааҥ улахан дьыаланы быһаараргар көмөлөһүөҕэ. Үп-харчы өттүнэн балаһыанньаҕын тупсараргар олоххо тус көрүүҥ уратыта көмөлөһүөҕэ.
Оҕус
Үлэҕэ табыллар кэм. Дьиэ-уот кыһалҕатын этэҥҥэ быһааран, элбэҕи ситиһиэххин сөп. Чугас дьоҥҥун кытта алтыһыы санааҕын көтөҕүө.
Игирэлэр
Үлэнэн аһары үлүһүйэҥҥин, тус олоххун иккис миэстэҕэ хаалларбыккын. Оҕолорго, аҕам саастаах аймахтарга болҕомто уурар наада.
Араак
Ый бүтэһик нэдиэлэтэ хайдах ааһара бэйэҕиттэн тутулуктаах. Дьону кытта сыһыаҥҥа болҕомтолоох буол, бэйэҕин туттуна, көрүнэ сырыт.
Хахай
Бу ыйга тус олоххор уларыйыы күүтэр. Долгутуулаах түгэнтэн сүрэҕиҥ үөрүө. Дьиҥ өйдөһөр, уопсай тылы булар киһигин көрсөн дьоллонуоҥ.
Кыыс
Дьиэ кэргэҥҥин кытта айылҕаҕа сылдьан, аймахтары кытта көрсөн дуоһуйуоҥ. Ый бүтүүтэ саҥа этиилэр киириэхтэрэ.
Ыйааһын
Үлэ-хамнас өттүгэр ситиһии күүтэр. Элбэх саҥа дьону кытта билсиэҥ, истиҥ доҕоттору буларга тоҕоостоох кэм.
Скорпион
Харчыгын харыстаан тутун. Кэргэннии скорпионнарга тыҥааһыннаах сыһыан күүтэр. Аһаҕас кэпсэтии күүтэр.
Охчут
Бу күннэргэ докумуону кытта үлэҕэ болҕомтолоох буол. Кыраны да сыыстаххына, улахан ночоокко тэбиллиэххин сөп.
Чубуку
Дьону кытта уопсай тылы булар дьоҕуруҥ дьыалабыай кэпсэтиилэргэ көмөлөһүөҕэ. Чугас киһиҥ өйөбүлэ күүс-көмө буолуоҕа.
Күрүлгэн
Олоххо саҥалыы көрүүҥ үгүс дьыалаҕа көмөлөһүөҕэ. Улахан бырайыактарга ылсыаххын сөп. Нэдиэлэ бүтүүтэ өйгүн-санааҕын сааһылаан сынньанарыҥ ордук.
Балыктар
Айылҕаҕа сылдьан дуоһуйуоҥ. Чугас дьоҥҥун кытта истиҥ кэпсэтии санааҕын кынаттыа. Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ сайдан, туора дьон сыһыана хайдаҕын билиэҥ.
Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…
Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…
Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…
Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…
Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнэ – улахан алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну таһаарбыта. Ахсынньы 2-3 күннэригэр…
“... Наһаа улахан киһи кэлэн ааста... Омуна суох, ууну-уоту ортотунан ааспыт салайааччыбыт киһиэхэ үчүгэйи эрэ…