Хой
Докумуоҥҥа болҕомтолоох буолуу ирдэнэр. Саҥа бырайыактарга ылсыма, албынныахтарын сөп. Уопсайынан нэдиэлэ устата улахан быһаарыныыны ылынартан туттунар наада. Тус олоххо хамсааһын суох.
Оҕус
Буола турар быһыыны-майгыны батыһыаххын эрэ наада. Оҥорбут дьыалаҥ үтүөтүн кэлин билиэҥ. Ис туруккун кэтэнэн көр, иэйиигэ ылларыаххын сөп. Ол эрээри, толкуйдаан хамсанар туһаны аҕалыа.
Игирэлэр
Салгын бэлиэлээх буолаҥҥын элбэх хамсаныыга, кэлиигэ-барыыга наадыйаҕын. Болҕомтоҕун бэйэни ырытыыга, сыаналааһыҥҥа уурарыҥ ордук буолуо. Тус олоххор барыта эриэ-дэхси.
Араак
Дьылҕаҥ анаабыт көрсүһүүлэрин мүлчү туппат курдук сырыт. Сотору кэминэн талааныҥ арыллан киэҥ эйгэҕэ биллиэххин сөп. Тус олоххор уларыйыы суох, ол эрээри үлэ да үгэнигэр иэйии киириэн сөп дииллэр сулустар.
Хахай
Бэйэҕин таһыттан кэтээн көрүөххүн наада. Дьонтон эрэ ирдииргин билэҕин. Дьон эн тускунан тугу саныырыгар наадыйбатыҥ соҕотохсуйууга тиэрдиэн сөп.
Кыыс
Сылайбыккын, кыратык санаарҕаан да ылыаххын сөп. Бэйэни буруйданыыттан босхолонор наада. Ис туруккун тупсарар туһуттан сөбүлүүр дьоҥҥун кытта алтыһыы туһаны аҕалыа.
Ыйааһын
Былааннарыҥ уларыйыахтарын сөп. Эрэммит дьыалаҥ сиппэтэҕинэ хомойума. Ол эрээри, дьылҕаҥ анаабыт суола эйигин син биир күүтэр. Соҕотохсуйуу ардыгар туһалаах буолар.
Скорпион
Үлэни-хамнаһы кыайа тутаҕын. Чугас дьоҥҥун үөрдэргэр тоҕоостоох кэм. Ол эрээри бэйэ туругун кэтэнэн көрөр наада. Дьон эппитинэн сылдьыма.
Охчут
Санааҕа ылларар наадата суох. Олоххо барыта эриэ-дэхси буолбат. Хараҥа түүн кэнниттэн, сырдык буоларын умнума. Нэдиэлэ бүтүүтэ истиҥ көрсүһүүлэр күүтэллэр.
Чубуку
Буола турар быһыы-майгы эйигин кыратык долгутан, ыгылытан ылыаҕа. Сатаан уоскуйа үөрэниэххин наада. Барыта кэмигэр быһаарыллыа диэн холкутаа. Кураанахха иирсэртэн туттун.
Күрүлгэн
Аһары билбит-көрбүт буолуу үчүгэйгэ тиэрдибэт. Ол кэриэтин билбэтэх-көрбөтөх буолар ордук. Нэдиэлэ устата дьону кытта эйэлээх сыһыаны олохтоо.
Балыктар
Урут оҥорбут дьыалаҥ түмүктэрэ биллиэхтэрэ. Кыһалҕалары быһаара охсорго ыксаама. Барыта бэйэтин дьаалатынан баран иһиэҕэ. Кыра аайы кыйаханаргын тохтот.
Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…
Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…
Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…
Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…
Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…