Нэдиэлэтээҕи гороскуоп: алтынньы 26 — сэтинньи 2 күннэрэ

Share

Хой

Үлэҕэр-хамнаскар саҥа этиилэр киириэхтэрэ. Ким да сүбэтин ылымматыҥ ордук. Барытын бэйэҥ сыта-тура толкуйдаан баран быһаарыныы ылынарыҥ наада. Саҥа олоҕу саҕалыыргар тоҕоостоох буолуо. Ыраах айаҥҥа табыллыаҥ.

Оҕус

Бу күннэргэ санааҥ көтөҕүллэ сылдьар. Ылсыбыт дьыалаҥ ситиһиилэниэ. Чугас аймахтаргын кытта биисинэс эйгэтигэр өйөһүөххүн сөп. Эн тулуурдаах уонна мындыр өйүҥ саҥа саҕахтары арыйарга көмөлөһөр.

Игирэлэр

Дьон саҥатын-иҥэтин аһары чугастык ылынаҕын. Онуоха ардыгар сүбэлиир-амалыыр киһи суоҕа уйадытар. Наһаа кыраттан тымтан кыыһырар буолбуккун. Ити барыта доруобуйаҕар охсуон сөп. Бэйэҕин харыстана сырыт.

Араак

Долгутуулаах көрсүһүү, саҥа билсиһии кэмэ. Ыраах айаҥҥа турунуу ситиһиилээх буолуоҕа. Дьиэ кыһалҕатыгар үтүрүйтэрбэккэ, инниҥ диэки баран ис. Саҥа толкуй дьиэ кэргэҥҥэ барыһы аҕалыа.

Хахай

Урут ситиһиини аҕалбыт саҥа бырайыактарыҥ эбэтэр биисинэскэ сыһыаннаах дьыалаларыҥ үтүө көрдөрүүлээх буолуохтара. Саҥа суолу тобуларгар табыгастаах кэм. Ол эрээри хас хардыыгын ааҕан-суоттаан сырыт.

Кыыс

Саҥа мал-сал эбэтэр дьиэ, массыына атыылаһыаххын сөп. Мантан санааҥ көнньүөрүө. Докумуон оҥорсууга болҕомтолоох буол. Аҕам саастаах аймах дьонуҥ сүбэлэрин иһиттэххинэ, элбэҕи туһаныаҥ.

Ыйааһын

Харчыгын ааҕан-суоттаан сылдьыаххын наада. Үчүгэйдик билбэт дьоҥҥор иэс биэримэ. Доҕотторуҥ, аймахтарыҥ эйигин өйүүллэр, онон саҥаны олоххор киллэрэн бэйэҕиттэн бэйэҥ астыныаххын сөп.

Скорпион

Айар талаанын арыллан олоҕу саҥалыы ылыныаҥ. Иистэниэххин, уһаныаххын баҕарыаҥ. Чугас дьонуҥ өйөбүллэрэ санааҕын кынаттыа. Туруоруммут сыалгын ситиһэргэр болҕомтолоох уонна эппиэтинэстээх буолуоххун наада.

Охчут

Эппит тылгар ардыгар турбаккаҕын, дьон эн тускунан соччото суох өйдөбүллээх хаалар эбит. Саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһан. Үлэҕэр-хамнаскар барыта этэҥҥэ.

Чубуку

Дьону кытта сыһыаннаһыыга арыый туттуна соҕус сырыт. Докумуону кытта үлэҕэ сэрэхтээх буол, ситэ билбэт, быһаарсыбат дьыалаҕар ылсыбатыҥ ордук. Ол кэриэтин бэйэҥ сатыыр, эйиэхэ дуоһуйууну аҕалар дьыалаҕар ылыс.

Күрүлгэн

Дьиэ кэргэҥҥэр харчыттан сылтаан өйдөспөт түгэн үөскүөн сөп. Оҕолор да болҕомто, үп-харчы ирдииллэр. Онон арыый киэҥ көҕүстэнэн, сүбэнэн-соргунан салайтар. Үпкэ-харчыга итэҕэстийиэххин сөп.

Балыктар

Саҥа мал атыылаһыаҥ. Үгүс доҕоттор, дьүөгэлэр онно-манна кучуйуохтара. Онно киирэн биэрбэт гына сырыт. Сулустар этэллэринэн, бу күннэргэ балык балык бэлиэлээхтэргэ соһуччу көрсүһүү тосхойуон сөп. Үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах дьыала ыпсыыһык.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -17 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -17 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

45 минут ago
  • Култуура
  • Кэпсээннэр
  • Сонуннар

Күн сиригэр саамай күндү — күн сырдыга

Сыл бүтэһик күнэ тиийэн кэллэ. Дьэрэкээн кырыанан бүрүллүбүт түннүгү одуулуубун. Дьиримниир уоттардаах араас өҥнөөх лаампалар…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэстээххэ олорор дьиэлэр уотунан ититиигэ холбоннулар

Бу күннэргэ Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайан, балаһыанньа кытаата сырытта.  СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев «Баҕа санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна

«Баҕа санаа харыйата» аахсыйаҕа  Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха киинэтэ ааспыт сылга «рекорд» олохтоото

2024  сылга  саха киинэтэ  рекорд олохтоон, кассовай хомуур  157 мөл. солк. тэҥнэстэ. Бу манна улахан…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл-бит

Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…

14 часов ago