Нэдиэлэтээҕи гороскуоп: атырдьах ыйын 10-17 күннэрэ

Share

Хой

Сынньанаргар уолдьаспыт. Дьиэ-уот, оҕо-уруу кыһалҕатын инники күөҥҥэ тутарыҥ ордук. Кыһаммакка дьаалатынан ыыттаххына, элбэҕи куоттарыах курдуккун. Билигин чугас дьоҥҥор эн болҕомтоҥ олус наада буолбут.

Оҕус

Айар-тутар үлэ санааҕын кынаттыыр. Үлэҕэ оройгунан түһэн тус олоххун да умнуох курдуккун. Оттон чугас дьонуҥ, аймахтарыҥ эн болҕомтоҕор эмиэ наадыйаллар. Нэдиэлэ ортото айанныаххын сөп.

Игирэлэр

Урукку-хойукку доҕоттор эмискэ күөрэйиэхтэрэ. Былааҥҥын да ыһааччылар баар буолуохтара. Онон бэйэ бодотун тардынан, инники былааннаабыккын ыһыктан кэбиспэккэ сылдьар ордук.

Араак

Кыра аайы дьону кытта кыыһырсаргын тохтот. Хопко-сипкэ кыттыспакка, туора дьон дьыалатыгар орооспокко сырыт. Кэлэр нэдиэлэттэн балаһыанньа орун-оннугар түһүөҕэ.

Хахай

Айылҕаҕа, ыраах баар сылаас дойдуга сынньанан астыныаҥ. Эрдэттэн былааннаан кыралаан харчы да мунньуоххун сөп. Саҥа дьоннору кытта билсиэҥ. Доҕоргунуун сыһыаныҥ тупсуо.

Кыыс

Уустук нэдиэлэ үүммүт. Дьону кытта сыһыаҥҥа сэрэхтээх буол. Санааҕар эйигиттэн куруук тугу эрэ ирдииллэр. Дьону кытта сыһыаннаһыыга аһары аһаҕас буолума.

Ыйааһын

Санааҕын наһаа кыраттан түһэрэҕин. Туох да үөрдүбэт курдук. Оҕолор, дьиэ-уот кыһалҕата ыгар. Ол эрээри бу уустук кэм сотору ааһыаҕа.

Скорпион

Дьыалабыай кэпсэтии табыллар кэмэ. Түгэнинэн туһанан барыстаах кэпсэтиигэ илии баттаһыаххын сөп. Доруобуйаҥ этэҥҥэ. Ыраах айаҥҥа турунууҥ ситиһиини түстүөҕэ.

Охчут

Доҕоргун кытта сыһыаныҥ уустугурбут. Харчыттан сылтаан өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Куруук бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутарыҥ сыһыаны алдьатыан сөп. Улахан суумалаах кирэдьииккэ киирэртэн туттунарыҥ ордук.

Чубуку

Үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Саҥа былааннары олоххо киллэрэргэр тоҕоостоох кэм үүммүт. Харса суох хамсанан ис. Тус олоххор эриэ-дэхси. Ол эрээри аһары наҕылыйар наадата суох.

Күрүлгэн

Өр күүтүүлээх сынньалаҥыҥ дьэ, кэлбит. Аймахтаргын, доҕотторгун кытта айылҕаҕа сылдьан сынньаныаҥ. Улахан тугу даҕаны былааннаабакка күннээҕинэн үөрүүгүн үллэстиэҥ.

Балыктар

Элбэх ыалдьыт кэлэн түбүккэ түһүөҥ. Оҕолоруҥ, чугас дьонуҥ кыһалҕаларынан олоруоҥ. Ол эрээри эн көмөҕөр махтаныахтара, кэлин бэйэҕэр көмөлөһөргө бэлэм буолуохтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

12 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …

13 часов ago