Хой
Бэйэ сөбүлүүр дьарыгынан ылсан үлэлииһиккин, онтуҥ олус туһалаах буолуоҕа. Санааҕын ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Саҥаҕа, атыҥҥа үөрэнэртэн куттаныма, талааҥҥын арыйаргар сөптөөх кэм. Бэйэҕин саҥалыы арыйан, олоҕуҥ күөстүү оргуйуо.
Оҕус
Ааспыт нэдиэлэ олус күүрээннээхтик ааспыт буоллаҕына, бу нэдиэлэ чуумпуну, уоскулаҥы бэлэхтиэ. Айылҕаҕа сылдьан, чугас доҕоттору, аймахтары кытта алтыһан астыныаҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ дьыалабыай кэпсэтии күүтэр.
Игирэлэр
Нэдиэлэ күүрээннээхтик саҕаламмыт. Бириэмэҕин сөпкө аттарыннаххына, бу нэдиэлэ устата элбэҕи ситиһиэххин сөп. Сөбүлүү көрбүт эбэтэр уруккуттан ымсыырбыт малгын атыылаһан санааҥ көнньүөрүө, доҕотторгун, дьүөгэлэргин кытта ирэ-хоро сэлэһиэҥ.
Араак
Үлэҕэр эйигин тургутар кэм саҕаламмыт. Тоҕоостоох кэми сөпкө туһаннаххына, дуоһунаһыҥ даҕаны үрдүөн сөп. Ол эрээри барытын аһары чугастык ылынаҕын. Ардыгар суоҕу оҥорон көрөн улахан таһаҕас оҥостоҕун. Онон бэйэҕэр эрэллээх буол.
Хахай
Дьиэ кэргэн кыһалҕата инники күөҥҥэ турбут. Оҕолор бойкуоттуохтарын, сөпсөспөт майгыларын көрдөрүөхтэрин сөп. Аһары барыларын хонтуруоллуур кытаанах майгыгын арыый уҕарытан, уопсай тылы буларга дьулус.
Кыыс
Саҥа соруктары туруоруммуккун. Дьон эн тускунан элбэҕи арааһы кэпсэтэр буолбут. Ол эрээри сыаллаах-соруктаах киһи быһыытынан тыал хайа диэки үрэригэр кыһаммакка хардыылаан ис. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ.
Ыйааһын
Бу нэдиэлэ олус ыксаллаахтык саҕаланыыһык. Былааннаргын барытын сааһыланан, бириэмэҕин сатаан аттарыннаххына, барыта сатаныыһык. Нэдиэлэ ортото өр көрсүбэтэх билэр дьоҥҥун көрсүөҥ, саҥа сонуннары истиэҥ.
Скорпион
Ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Бу айан олоҕун суолугар улахан оруоллаах. Онон барытыгар болҕомтолоох уонна боччумнаах сыһыаннаах буоларыҥ ирдэнэр. Ситиһиилээх ый эйиэхэ саҕаламмыт.
Охчут
Уустук кэмнэр бүрүүкээбиттэр. Үп-харчы кыһалҕата ыгыыһык. Аттыгар өйүүр дьон суоҕуттан санааҥ оонньуон сөп. Дьиҥэр, эн баҕардаххына элбэҕи кыайар кыахтааххын. Бэйэҕэр эрэллээх буол, сүрэҕиҥ этэрин иһит.
Чубуку
Ис кыаххын туһанан кистэнэ сылдьыбыт талааҥҥын арыйыаххын сөп. Сүрэҕэлдьээбэккэ былааннанан сырыттаххына, бу нэдиэлэҕэ элбэҕи ситиһиэҥ. Доҕоргунуун сыһыаныҥ тупсуо, таптал иэйиитигэр куустарыаҥ.
Күрүлгэн
Чуумпу кэм. Үлэҕэр-хамнаскар барыта этэҥҥэ. Билиҥҥиттэн кыстыкка киирии былааннарын саныырыҥ наада. Бу нэдиэлэ устата уу-нуурал холку эйгэттэн бэйэҥ да соһуйуоҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ соһуччу этиилэр киириэхтэрэ.
Балыктар
Дьиэ кэргэҥҥэр, тус олоххор уустук кэм. Олоҕуҥ бэйэҥ илиигэр диэн этиини умнубатыҥ наада. Оҕолоргор, чугас аймахтаргар болҕомто ууруоххун наада. Кэлин бу кыһалҕа эйигин эккирэтэ сылдьыбатын курдук эрдэттэн быһаарарыҥ ордук.
Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ. 70-80 саастарын туолбут…
Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…
Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…
Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…
Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр 1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…
Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…