Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскуоп: балаҕан ыйын 28 – алтынньы 5 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскуоп: балаҕан ыйын 28 – алтынньы 5 күннэрэ

28.09.2023, 06:00
Бөлөххө киир:

Хой

Бэйэ сөбүлүүр дьарыгынан ылсан үлэлииһиккин, онтуҥ олус туһалаах үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Саҥаҕа, атыҥҥа үөрэнэртэн куттаныма, талааҥҥын арыйаргар сөптөөх кэм. Бэйэҕин саҥалыы арыйан олоҕуҥ күөстүү оргуйуо.

Оҕус

Ааспыт нэдиэлэ олус күүрээннээхтик ааспыт буоллаҕына, бу нэдиэлэ чуумпуну, уоскулаҥы бэлэхтиэ. Ол эрээри аһары холкутаан балаһыанньаны ыһыктан кэбиһэр табыллыбат. Дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоргор болҕомто уурарга уолдьаспыт.

Игирэлэр

Үгүс көрсүһүүлэрдээх, кэлии­лээх-барыылаах нэдиэлэ саҕаламмыт. Нэдиэлэ ортотуттан барыта орун-оннугар түһүөҕэ. Сөбүлүү көрбүт эбэтэр уруккуттан ымсыырбыт малгын атыылаһан санааҥ көнньүөрүө, доҕотторгун, дьүөгэлэргин кытта ирэ-хоро сэлэһиэҥ.

Араак

Наһаа кыраттан кыйаханар, хомо­йор буолбуккун. Ис туруккун, санаа­ҕын сааһыланан, бэйэ бодотун тардынар кэм. Улахан быра­йыакка, саҥа былааҥҥа ылсарга ыксаама.

Хахай

Дьиэ кэргэн кыһалҕата инники күөҥҥэ турбут. Оҕолор бойкуот­туохтарын, сөпсөспөт майгыларын көрдөрүөхтэрин сөп. Наһаа барыларын хонтуруоллуур кытаанах майгыгын арыый уҕарытан, уопсай тылы буларга дьулус.

Кыыс

Саҥа соруктары туруоруммуккун. Дьон эн тускунан элбэҕи арааһы кэпсэтэр буолбут. Ол эрээри сыаллаах-соруктаах киһи быһыытынан, тыал хайа диэки үрэригэр кыһаммакка хардыылаан ис. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ.

Ыйааһын

Бу нэдиэлэ олус ыксаллаахтык саҕаланыыһык. Былааннаргын барытын сааһыланан, бириэмэҕин са­­таан аттарыннаххына, барыта сатаныыһык. Оҕолоргун кытта айылҕаҕа, салгыҥҥа сылдьан дуоһуйан, доҕоттору кытта көрсөн санаан көнүүһүк.

Скорпион

Ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Саҥа билсиһиилэр биисинэс эйгэтигэр сыстаргар, саҥа дьыалаҕа ылсаргар ситиһиини эрэ түстүүр. Ол эрээри  элбэх харчыны иэс ылартан туттунарыҥ наада.

Охчут

Уустук кэмнэр бүрүүкээбиттэр. Үп-харчы кыһалҕата ыгыыһык. Аттыгар өйүүр дьон суоҕуттан санааҥ оонньуон сөп. Тоҕо эрэ эбии дохуот булунар талааҥҥын болҕомтоҕо ылбаккын. Чугас дьонуҥ сүбэтэ көмөлөһүө.

Чубуку

Ситиһиилээх нэдиэлэ саҕаламмыт. Дьыалабыай кэпсэтии­лэр, барыы-кэлии ыпсан иһиэҕэ. Бириэмэҕин сатаан аттарыннаххына, үгүһү ситиһиэххин сөп.

Күрүлгэн

Чуумпу кэм. Үлэҕэр-хамнаскар барыта этэҥҥэ. Бу нэдиэлэ устата уу-нуурал холку эйгэттэн бэйэҥ да соһуйуоҥ. Ол эрээри нэдиэлэ бүтүүтэ соһуччу этиилэр киирэн хамсанарга күһэллиэҥ.

Балыктар

Былааннаабыт өрөмүөҥҥүн оҥос­тон, өр көрсүспэтэх доҕотторгун көрсөн астыныаҥ. Бириэмэни са­­таан туһаннаххына, саҥа дьыалаҕа да ылсарга холонуоҥ. Ыраах айан ситиһиини түстүөҕэ.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: