Нэдиэлэтээҕи гороскуоп: сэтинньи 23–30 күннэрэ

Нэдиэлэтээҕи гороскуоп: сэтинньи 23–30 күннэрэ

23.11.2023, 06:00
Бөлөххө киир:

Хой

Бу нэдиэлэ устата үгүс сонуну истиэҥ. Тугу истибиккин барытын итэҕэйимэ. Дьону кытта сыһыаҥҥа арыый туттуна соҕус сырыт. Угаайыга киирэн биэриэххин сөп. Аһаҕастык кэпсэтэр эрэ бары доҕор-атас буолбатах.

Оҕус

Сынньаныаххын наада. Аһары элбэх эбээһинэһи сүгэҕин. Дьиэ кэргэҥҥэр эн болҕомтоҕор наадыйаллар. Бу күннэргэ тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буоллаххына, табыллыы күүтэр.

Игирэлэр

Доҕорум дии санаан эрэнэн кэпсиир кистэлэҥиҥ киэҥ араҥаҕа тахсыан сөп. соһуччу быһыы-майгы буолуон сөп. Ис санааҕын ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Нэдиэлэ ортото дьыалабыай көрсүһүү ситиһиини түстүөҕэ.

Араак

Үп-харчы эбиллииһик. Санаа ымыыта оҥостубут малгын атыылаһан көнньүөрүөҥ. Тус олоххор эриэ-дэхси. Ол эрээри аһары ыһыктынан кэбиһимэ, тус сыалгын-соруккун тута сырыт.

Хахай

Дьону кытта сыһыаҥҥа болҕомтолоох буол. Эйиэхэ дьон эрэнэр. Ону түһэн биэрбэт гына сырыт. Ханнык да иирсээҥҥэ, айдааҥҥа кыттыспатыҥ ордук.

Кыыс

Харчыгын мээнэ ыскайдаама. Күүппэтэх өттүгүттэн ороскуот үөскүөн сөп. Нэдиэлэ ортотуттан балаһыанньа көнүөҕэ. Ыраах ситиһиини түстүөҕэ.

Ыйааһын

Эбии дохуот булунар быыс- хайаҕас көстүө. Сып-сап хамсанан ис. Саҥа этии киирдэҕинэ аккаастаама.

Скорпион

Таһаарыылаах үлэ, үөрүүлээх сонун күүтэр. Нэдиэлэ ортото истиҥ көрсүһүү дууһаҕын долгутуо.

Охчут

Харчыгын харыстаан тутун. Саҥа этиилэри сыта-тура толкуйдаан ылын. Нэдиэлэ ортото ыалдьыттар кэлиэхтэрэ.

Чубуку

Дьону кытта уопсай тылы буларга дьулус. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьан билсиэххин, саҥа дьону кытта алтыһыаххын сөп. Нэдиэлэ судургутук ааһыа.

Күрүлгэн

Кыра кыһалҕаны таһаҕас оҥостума. Түргэнник быһаарыныы ылынаргар, олоххор тугу эрэ уларытаргар тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт.

Балыктар

Мындыр толкуйгун, холку майгыгын дьон сыаналыыр. Онон эн сүбэҥ-амаҥ үгүс дьоҥҥо туһалыан сөп. Хопко-сипкэ кыттыһыма, арыый бүтэйдик сырыт.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 декабря
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: