Нэдиэлэтээҕи гороскуоп: сэтинньи 16 — 23 күннэрэ
Хой
Уустук нэдиэлэ үүммүт. Өр көрсүбэтэх дьоҥҥун көрсөн уруккуну-хойуккуну саныаҥ. Дьыалабыай өттүгэр урукку алҕастарыҥ соһуччу күөрэйэн тахсыахтарын сөп. Туохха барытыгар бэлэм буоларыҥ наада.
Оҕус
Эн бытааҥҥыттан, аһары уһуннук толкуйдуургуттан чугас дьонуҥ эрэйдэнэллэр. Быһаарыныы ылынаргар тоҕоостоох кэм. Үлэҕин уларытарыҥ эбэтэр саҥа дьыаланы тэринэриҥ барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.
Игирэлэр
Дьону кытта табан сыһыаннаһа сатаа. Эн аһары аһаҕас, итэҕэйимтиэ майгыҥ үлэҕэр-хамнаскар охсуулаах буолуон сөп. Чугас киһигитин кытта бөрүкүтэ суохтан иирсиэххин сөп. Тулуурдаах буоларга сулустар сүбэлииллэр.
Араак
Биисинэһинэн дьарыктанар араактарга бу нэдиэлэ ситиһиилээх. Соһуччу күүстээх таптал күөдьүйүөн сөп. Онон арыый туттуна, бэйэни кэтэнэ сылдьар ордук. Кэргэннээх араактар быстах иэйиигэ киирэн биэрбэт туһугар кыһаллыҥ.
Хахай
Уустук кэм бүрүүкээбит. Барытыттан сылайбыт курдуккун. Ол эрээри бу кылгас кэм чугас дьонуҥ өйөбүллэринэн этэҥҥэ ааһыаҕа. Аҕам саастаах аймахтаргар улахан болҕомто уурарыҥ наада.
Кыыс
Үлэҥ-хамнаһын дьэ, оннун-дьаһаҕын булбут. Аны инники былааннаргын сааһыланан харчы уурунуоххун сөп. Улахан мал-сал атыылаһартан туттун.
Ыйааһын
Дьонтон-сэргэттэн сылайбыккын. Олохтон салгыбат туһуттан ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйаллар. Айар үлэнэн үлүһүйүү ситиһиилээх буолуо.
Скорпион
Арыт наһаа тоҥуй майгыҥ эйигин чугас дьону кытта истиҥ сыһыаны олохтуургар мэһэйдиир. Киһи эрэ барыта кэтэх санаалаах буолбатах. Онон арыый аһаҕас буолар эмиэ наада.
Охчут
Соҕотохсуйбуккун, туохтан эрэ мунчаараҕын. Санааҕын үллэстэ үөрэн. Харчы да тиийбэтиттэн, дьиэ-уот кыһалҕатыттан ыгыллаҕын. Аттыгар баар чугас киһигин кэтээн көр, баҕар, кини эмиэ эн көмөҕөр наадыйара буолуо.
Чубуку
Уустугурдары, дьону кытта сыһыаны алдьатары ардыгар аһары сатыыгын. Бэйэҕиттэн дьону тэйиппэт туһуттан киэҥ көҕүстээх буоларыҥ ирдэнэр. Дуогабар баттаһарга, кирэдьииккэ киирэргэ тоҕоостоох кэм.
Күрүлгэн
Албыҥҥа киирэн биэрбэт туһуттан харчы дьыалатыгар кыттыспатыҥ ордук. Бу чуумпу кэми туһалаахтык атаарарга кыһан. Сөбүлүүр дьарыгыҥ санааҕын көтөҕүө, саҥа суоллары арыйаргар көмөлөһүө.
Балыктар
Таптыыр киһиҥ аахайбатыттан санааҕа ылларыаҥ. Уопсайынан балыктар айар куттаах дьон. Ол да иһин ону-маны оҥорон көрөн уустугурдалларын астыналлар. Ол эрээри бу кэмҥэ арыый быһаарыныылаах буоллаххына, үлэҕэр, дьиэҕэр-уоккар соһуччу үөрүү кэлиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: