Нөөрүктээйилэр «Арассыыйа уута» хамсааһыҥҥа кыттыһан субуотунньуктаатылар

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтоохторо «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Арассыыйа уута» дойду үрдүнэн ыытыллар улахан волонтерскай хамсааһыҥҥа кыттыһаннар  субуотунньукка таҕыстылар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ тоҕус түөлбэнэн мустан нэһилиэк күөллэрин  ыраастаатылар. Көҕүлээччилэринэн СӨ Экология министиэристибэтин бэтэрээнэ, айылҕа харыстабылын туйгуна, судаарыстыбаннай иниспиэктэр Августа Архипова салайыылаах Павловскай орто оскуолатын 1972 сыллааҕы выпускниктара, түөлбэлэр салайааччылара буоллулар.

Павловскайдар ууларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыылара, ыраастааһынынан эрэ муҥурдаммакка, чинчийэр үлэни ыыталларыттан эмиэ көстөр. Ол курдук,  учуутал Тамара Нестерева оҕолору кытта чинчийэр үлэни ыытан, ааҕыыларга кыттан өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэринэн, Арассыыйа дипломаннарынан ааттаммыттара.

Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Бу күн нэһилиэк олохтоохторо кыратыттан эмэнигэр тиийэ күргүөм, өрөбүл күнү аахсыбакка, туруорсууну өйөөн
«Ыраас уу — олох төрдө» диэн девизтээх айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны көрдөрөр аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

16 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago