Салгыы
Нефролог-быраас Эркинбек Джумаков: «Бүөр – иккис сүрэх»

Нефролог-быраас Эркинбек Джумаков: «Бүөр – иккис сүрэх»

26.01.2024, 16:30
Хаартыска: "Нефроклиника"
Бөлөххө киир:

Бүөрбүтүн хайдах харыстыыбыт?  Диализ оройуоннар икки ардыларынааҕы “Нефроклиника”  киинин нефролог-бырааһа Эркинбек Джумаков бүөрү хайдах харыстыыр, төһө ууну иһиллиэхтээҕин уонна ханнык ыарыылар бүөр ыарыытыгар тириэрдэхтэрин сөбүн туһунан кэпсээтэ.

 — Эркинбек Суюркулович,  бүөрү биһиги организммытын ыраастаан таһаарааччынан ааттыыллар.

-Чахчы оннук. Бүөр – организм иккис сүрэҕэ, бу уорган биир суукка иһигэр хааны 300 төгүл кэриҥэ ыраастыыр. Ону таһынан, хаан баттааһынын, эритроциттар үөскээһиннэрин бэрээдэктиир уонна уҥуох тканнара доруобай састааптаах буолалларын хааччыйар.

-Бүөр ыарыытын хайыы үйэ билбит дьон: “Быраас ыарыыны быһаарыар диэри ыарыы ханнык да сибикитэ суох этэ”, —  дииллэр.

-Үксүгэр бүөр “бэйэтин биллэрбэт”. Хомойуох иһин,  ыарыһахтар бүөр олох үлэлээбэт буолбутун эрэ кэнниттэн  улаханнык үҥсэргииллэр. Мин билигин Ньурбаҕа Диализ оройуоннар икки ардыларынааҕы киинигэр үлэлиир буолан этэбин.

-Уопсайынан бүөр туругун хайдах билиэххэ сөбүй уонна ханнык сибикилэргэ болҕомтону ууруохха сөбүй?

-Биллэн турар, хайа баҕарар организм “имнэнэр”, биллэрэр. Ол гынан баран,  биһиги онно болҕомтобутун уурбаппыт эбэтэр организммытыгар тахсар уларыйыыларга  олох да аахайбаппыт Доруобуйаҕыт туругар туох эрэ уларыйыы тахсан эрэрин биллэххитинэ, нефролог-бырааска эбэтэр терапевка хайаан да көрдөрүҥ. Холобур, иик атын өҥнөммүтүн: хараҥа эбэтэр тунаархай,   кыһыл өҥ баһылыырын, күүгэннэрбитин бэлиэтии көрүөххэ сөп. Ииккэ “көмнөх” уста сылдьалларын курдук эбэтэр ньоҕох (осадок) баар буолуон сөп. Утуйуох иннинэ уонна тураат да тута ииктиир ордук.

Ону таһынан күҥҥэ иигиҥ кээмэйэ эмискэ аҕыйыыра, атаҕын, илииҥ, сирэйиҥ иһэрэ өр кэмҥэ ааспата эмиэ сибикилэргэ киирсиэн сөп. Ону сэргэ, үгүстэр аһыыр баҕа санаалара намтыыр, бэл, эттэн сиргэнэр курдук буолаллар. Онон,  хаан уонна иик уопсай анаалыһын туттарыахха, бүөргэ УЗИ-га түһүөххэ наада. Диспансеризацияҕа хайаан да сылдьыҥ.  Ити барыта ыарыыны эрдэ быһаарарга көмөлөөх.

-Сонуну ҥиэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ суруйалларынан, бүөр ыарыытын биир төрүөтүнэн ыарыыны мүлүрүтэр эмтээх препараттары элбэхтик иһиини ааттыыллар.

— Биллэн турар, эми-тому сэрэхтээхтик иһиллиэхтээх. Гемодиализ ылааччылар 10 бырыһыаннара араас эми-тому испиттэриттэн ыалдьан барбыттар.  Эми быраас эрэ анаатаҕына иһиллэр. Ол туһунан аан дойду быраастара бары этэллэр. Үгүстэр нефротоксичнай препараттары, антибиотиктары, ыарыыны мүлүрүтэр эмтэри бэйэлэрэ билэллэринэн иһэллэр.  Биллэн турар, бүөр ыарыытын төрүөтэ  бэйэ билэринэн эмтэнии эрэ буолбатах, ону таһынан инфекциялар (тонзиллит, отит, ангина элбэхтик ыалдьара) содуллара буолаллар. Сүрүнэ, чөл олоҕу тутуһуохха наада. Арыгылаах утаҕынан, табаҕынан, психотропнай биэсэстибэлэринэн үлүһүйүмүөххэ, ол оннугар сибэһиэй оҕуруот аһынан уонна этинэн аһыахха сөп. Организмы наһаа ноҕуруускалаабакка физкультуранан дьарыктаныы, сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы туһалаахтар.

-Дьэ, уонна кэнники кэмҥэ элбэхтик бэриллэр ыйытыы: ууну төһө элбэҕи иһиллиэхтээҕий?

-Биһиги организммыт 80% ууттан турар, уу биэсэстибэлэр атастаһыыларыгар көмөлөһөр. Организмҥа сөптөөх уу баарын суотугар киһи этин-сиинин температурата бэрээдэктэнэр, былчыҥ уонна уҥуох функциятын сүтэрбэт, бүөргэ хаан тиһигин быспакка кутуллар буолан,  куһаҕан “тобохтор” ыраастаналлар. Киһи үчүгэйдик аһыыр уонна сөптөөх кээмэйдээх ууну иһэр буолан, бүөрэ токсиннары үчүгэйдик ыраастыыр, туус уонна нутриеннар “тобохторун” таһаарар. Ол иһин, организм барыта биир механизм курдук үлэлиирин туһугар ыраас ууну иһиллиэхтээх. Ыйааһыннара нуормаҕа эппиэттиир дьон төһө ууну иһиэхтээҕин суоттуур судургу: 30 киилэ ыйааһыҥҥа – 1 лиитэрэ уу. Манна миин, суок, чэй, кофе уонна да атын убаҕас аһылык киирсибэт.

Барыгытыгар чөл олоҕу баҕарабын уонна организм ханнык баҕарар “иһитиннэриитигэр”  бырааска көрдөрүнүҥ. Бэйэҕит эмтиэкэлэнимэҥ.

Диализ оройуоннар икки ардыларынааҕы “Нефроклиника”  киинэ

+1
4
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: