Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр ойуур баһаарын куттала суоһаабат.
Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ, туоратыыга уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыыга суһал ыстаап хамыыһыйатын мунньаҕар Арассыыйа ЫБММ управлениетын Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыгын э.т. Виталий Немцов иһитиннэрдэ.
—21 ойуур баһаара 28 нэһилиэнньэлээх пуунтан 15-тии км сиргэ бааллар, — диэтэ кини. Ойуур уотун умулларыыга уонна бохсууга сөптөөх үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ.
—Эрэгийиэн сиригэр-уотугар нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Нэһилиэнньэлээх пууннары харыстыырга бары миэрэлэр кэмигэр ылыллаллар. Уоту умуруорууга 1700-тэн тахса киһи, 179 тиэхиньикэ үлэлиир, — диир Немцов.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин сиригэр-уотугар 78 ойуур баһаара, ону тэҥэ 4 ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэнэр. Өлүөхүмэ, Дьааҥы, Горнай, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар уустук быһыы-майгы оннунан хаалар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Өлөөн, Мииринэй, Эдьигээн оройуоннарыгар инчэҕэй хаар түһэрэ…
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…