Нэһилиэнньэлээх пууннарга ойуур баһаарын куттала суоһаабат

Share

Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр ойуур баһаарын куттала суоһаабат.

Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 10  күнүгэр,  ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ, туоратыыга уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыыга суһал ыстаап хамыыһыйатын мунньаҕар Арассыыйа ЫБММ управлениетын Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыгын э.т. Виталий Немцов иһитиннэрдэ.

—21 ойуур баһаара 28  нэһилиэнньэлээх пуунтан 15-тии км сиргэ бааллар, — диэтэ кини. Ойуур уотун умулларыыга уонна бохсууга сөптөөх үлэ ыытылларын бэлиэтээтэ.

—Эрэгийиэн сиригэр-уотугар нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Нэһилиэнньэлээх пууннары харыстыырга бары миэрэлэр кэмигэр ылыллаллар. Уоту умуруорууга 1700-тэн тахса киһи, 179 тиэхиньикэ үлэлиир, — диир Немцов.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин сиригэр-уотугар 78 ойуур баһаара, ону тэҥэ 4 ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэнэр. Өлүөхүмэ, Дьааҥы, Горнай, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар уустук быһыы-майгы оннунан хаалар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Култуура
  • Спорт

Оһуокайга бастакы үөрэнээччитэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи  "Оһуокай" түмсүү Дархан этээччитэ Лариса Николаевна оскуола үөрэнэччилэрин дьарыктаабыта ыраатта. Туйах хатарааччылаах бастыҥ этээччибит…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатыра норуот култуурунай баайын эбийиэгинэн билинилиннэ

Айсен Николаев Олоҥхо тыйаатырын Саха сирин норуоттарын култуурунай баайын эбийиэгинэн билинэр туһунан Ыйаахха илии баттаата.…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Суумканы уоран тутулунна

Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар суумкатын уордарбытын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини киин…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тулалыыр айылҕаҕа сыһыан

Алааска, тыаҕа сылдьан хаһыытыыры, улаханнык айдаарары боболлорун билэргит буолуо. Ону таһынан өссө тугу сэрэтэллэрий, өйдөтөллөрүй?…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүргэ сорудахтаата

Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ)  туһаайан этиитигэр дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүр миэрэлэри олоххо киллэрэргэ…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр тэрээһин буолан ааста

Үгүс үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн баай Өлүөхүмэ улууһун 1-Нөөрүктээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэҕэ, ааспыт нэдиэлэҕэ сылы түмүктүүр тэрээһин буолан…

4 часа ago