Нелькантан Дьокуускайга кэлбит үөр табаҕа бастакы тугут төрөөтө
Хабаровскай кыраай Нелькан сэлиэнньэтиттэн Дьокуускайга кэлбит табаларга бастакы тугут төрөөтө. Тыһы тугут номнуо атаҕар турбут, ийэтин кытта куруук кэккэлэһэ сылдьар эбит. Ол туһунан эдэр табаһыт, үөр хаһаайката Раиса Ильинова иһитиннэрдэ.
«Бастакы таба төрөөбүтүттэн олус үөрдүбүт. Билигин таба оҕотун туруга үчүгэй. Биһиги кинини Кындыкаан диэн ааттаатыбыт, тоҕо диэтэххэ кини бу сиргэ улахан сыаллаах-соруктаах кэллэ — туспа үөр тэрийээри уонна ону бөҕөргөтөөрү. Барыта аҕыс таба төрүүрүн кэтэһэбит», — диэн Раиса Ильинова кэпсээтэ.
Санатан суруйдахха, Раиса Ильинова диэн удьуор табаһыттар сиэннэринэн буолар. Кини эһэтин дьарыгын утумнуурга уонна табаһыт идэтин тарҕатарга саҥа бырайыагы олоххо киллэрэн эрэр. Кини бырайыагар анаан Хабаровскай кыраай Аяно-Майскай оройуонун Нелькан сэлиэнньэтин олохтоохторо Евгения, Николай Карамзиннар 25 устуука табаны бэлэхтээбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: