Нөмүгү эр дьоно кырдьаҕастарын собонон, мууһунан хааччыйаллар

Share

Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата аҕалар уонна эр дьон түмсүүлэрин кытта түмсэн муҥхалаатылар. 

Бу туһунан нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайааччы Кузьма Острелин сырдатта:

Сыстыганнаах дьаҥ иннинэ сыл аайы аҕалар уолаттарбытын муҥхаҕа кытыннарар, эр киһи үлэтигэр сыстаҕас буоларга үөрэтэр этибит. Икки сыл курдук тохтуу сылдьан баран, быйыл баһылыкпыт Наум Устинов көҕүлээн, эр дьон бары муҥхаҕа күргүөмүнэн сырыттыбыт.

Биир улахан күөлү икки күн тардыбыппыт түмүгэ — Күөх Боллох элбэх собонон күндүлээтэ. Ол собону сүрүннээн нэһилиэкпит  кырдьаҕастарыгар  уонна быстах байыаннай хомуурга барбыт уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр түҥэттибит. 

Бу өрөбүллэргэ нэһилиэкпит эр дьоно Бэлэнтэй күөлүгэр тахсар былааннаахпыт. Онно аҥардас ийэлэр обургу уолаттарын хомуйан илдьэ киирэр санаалаахпын. Уолаттар да барсыахтарын баҕалара сүрдээх. Буолумуна, ийэлэрин бастакы бултарынан үөрдүөхтэрин баҕарар буоллахтара. Муҥха кэнниттэн аны муус ылыытыгар сырытыннарыам. Онно анньыынан үлэлииргэ үөрэтиэхпит. Былырыын 50-ча ытык кырдьаҕаспытыгар муус киллэрэн биэрбиппит. 

Быйыл саас дьаһалта иһинэн үлэлиир Нөмүгү булчут эр дьонун түмсүүтүн тэриммиппит. Онон эр дьон үлэтигэр оскуола уолаттарын, ыччаттарбытын илдьэ сылдьан үлэҕэ үөрэтэбит.

Муҥхалаан, муус анньан, ытык кырдьаҕастарбытын хааччыйбыппыт быданнаата. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, биһиги холобурбутун батыһан, билигин улуус үгүс нэһилиэктэрин кырдьаҕастара муҥха соботунан, мууһунан босхо хааччыллар буоллулар.

Ити курдук, үтүө дьыала батыһыннарыылаах буолан, бу күннэргэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин аайы ытык кырдьаҕастар сибиэһэй собонон, кыстыыр мууһунан хааччыллан эрэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago