Хаартыска: Виктор Эверстов түһэриитэ.
Тыа сирэ билигин да кырдьаҕастарынан тутуллан турар диэтэххэ сыыспаппыт буолуо. Ол туоһутунан Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр олорор Ильиннэр дьиэ кэргэттэрэ буолар. Дьиэлээх хаһаайын Егор Ильин бу улууска баар Маалтааны сириттэн төрүттээх, кэргэнэ Лидия Павловна Эргис Кытыла диэн сиртэн.
Егор Егорович үөрэҕин бүтэриэҕиттэн Покровскайдааҕы ОПХ-ҕа, “Орджоникидзевскай” сопхуоска партком сэкирэтээринэн, “50 лет Октября” сопхуоска уонна Өлүөхүмэ оройуонун “Нөөрүктээйи” сопхуоһугар дириэктэринэн, 14 сыл Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, быһата олоҕун 44 сылын тыа хаһаайыстыбатыгар анаабыт киһи буолар.
Егор Егорович олоҕун аргыһа Лидия Павловна 50 сылы быһа нуучча тылын, литературатын учууталынан үлэлээбит. Атырдьах ыйын 8 күнүгэр ыал буолбуттара 55 сылын туолар. Биэс сыллааҕыта кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэр.
Икки үлэһит дьон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран, быар куустан олорботторо чахчы, онон тиэргэннэрэ отунан-маһынан баай тэлгэһэ. Манна 37 саастаах мастар үүнэн тураллар, кырдьыбыт өттүлэрин эрбээбиттэр. Моонньоҕон уга икки төгүл сааһырбытын уларыппыттар, бу эмиэ олбуору кыйа саҥа уктары олордубуттар. Былырыын малина угуттан 2 биэдэрэни, моонньоҕонтон 4 биэдэрэни хомуйбуттар. Ону таһынан түөрт ыал аһыыр тэпилииссэтэ турар, араас оҕуруот аһа үүнэр оҕуруота нэлэһийэ сытар. Былырыын аҥардас переһи хас эмэ биэдэрэнэн хомуйбуттар. Эһиил арбуз, дыня олордор былааннаахтар. Дьэ бу үлэлэрин иһин Ильиннэр быйыл “Аҕам саастаах бастыҥ ыал тэлгэһэтэ” анал аат кыайыылаахтара буолбуттар.
-Тэлгэһэбит иһэ оҕо сааспытын санатар күөх хонуулаах буолуон баҕараммыт, ол буорун тупсарыыга элбэх үлэни көрсүбүппүт. Кууруссаны, дьиэ сүөһүтүн олох туспа тутабыт, тэлгэһэни тэбистэрбэппит. Баҕабыт хоту оҕолорбут, сиэннэрбит оҕо саастара күөх хонууга ааспыта, билигин хос сиэннэрбит кэлэн эрэллэр, — диэн үөрүүлэрин үллэстэллэр Лидия Павловна, Егор Егорович Ильиннэр.
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…