Нөмүгү ыалларын көмө хортуоппуйа Модукка тиийдэ
Быйыл Нам улууһун хас да нэһилиэгэ сааскы улахан халааҥҥа түбэһэн, олохтоохторго улахан хоромньу таҕыста.
Бу күннэргэ бары улуустартан, нэһилиэктэртэн ким туох кыахтааҕынан көмө оҥороллор. Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторо эмиэ бу үтүө дьыалаттан туора турбатылар. Бу туһунан нэһилиэк олохтооҕо Кузьма Острелин кэпсиир:
— Бу уустук кэмҥэ аһыныгас сүрэхтээх үтүө дьон биир санаанан өйбүл оҥорон илиитин ууннаҕына, сап-саҕаттан салҕанан айылҕа иэдээниттэн тахсыбыт хорумньутун толуйа сатыы сылдьар киһи санаата бөҕөргүүрэ чахчы. Онон биһиги, Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторо, Надежда, Игнатий Константиновтар уонна Алена, Кузьма Острелиннар дьиэ кэргэннэрэ Нам улууһун Модут нэьилиэгэр 2,5 туонна сиэмэ хортуоппуйу бэлэмнээн, тэрийэн ыыттыбыт. Сааскы үлэ-хамнас үгэннээн турар ыксаллаах кэмигэр олордор сиэмэ хортуоппуйа суох олорор Модут олохтоохторугар бу көмөбүт төһүү күүһүнэн буолара чахчы. Гуманитарнай көмөбүтүн Модуттан суоппар Модун Албан Бөҕө Бэлэс Уола уонна тиэйээчитэ Василий Сыроватскай тиэнэн бардылар. Онон модуттар Нөмүгү хортуоппуйун олордон, аны күһүн өлгөм үүнүүнү ылалларыгар баҕарабыт.
Ити курдук, Дьиэ кэргэн сылыгар Нөмүгү дьиэ кэргэттэрэ үтүө санаа хамсааһыныгар кыттыһан, быйылгы сыл улахан суолтатын күүһүрдэн биэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: