Нөмүгү ыалларын көмө хортуоппуйа Модукка тиийдэ

Share

Быйыл Нам улууһун хас да нэһилиэгэ сааскы улахан халааҥҥа түбэһэн, олохтоохторго улахан хоромньу таҕыста.

Бу күннэргэ бары улуустартан, нэһилиэктэртэн ким туох кыахтааҕынан көмө оҥороллор. Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторо эмиэ бу үтүө дьыалаттан туора турбатылар. Бу туһунан нэһилиэк олохтооҕо  Кузьма Острелин кэпсиир:

Бу уустук кэмҥэ аһыныгас сүрэхтээх үтүө дьон биир санаанан өйбүл оҥорон илиитин ууннаҕына, сап-саҕаттан салҕанан айылҕа иэдээниттэн тахсыбыт хорумньутун толуйа сатыы сылдьар киһи санаата бөҕөргүүрэ чахчы.  Онон биһиги, Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторо,  Надежда, Игнатий Константиновтар уонна Алена, Кузьма Острелиннар дьиэ кэргэннэрэ Нам улууһун Модут нэьилиэгэр 2,5 туонна сиэмэ хортуоппуйу бэлэмнээн, тэрийэн ыыттыбыт.  Сааскы үлэ-хамнас үгэннээн турар ыксаллаах кэмигэр олордор сиэмэ хортуоппуйа суох олорор Модут олохтоохторугар бу көмөбүт төһүү күүһүнэн буолара чахчы.  Гуманитарнай көмөбүтүн  Модуттан суоппар Модун Албан Бөҕө Бэлэс Уола уонна тиэйээчитэ Василий Сыроватскай  тиэнэн бардылар. Онон модуттар Нөмүгү хортуоппуйун олордон, аны күһүн өлгөм үүнүүнү ылалларыгар баҕарабыт. 

Ити курдук, Дьиэ кэргэн сылыгар Нөмүгү дьиэ кэргэттэрэ үтүө санаа хамсааһыныгар кыттыһан, быйылгы сыл улахан суолтатын күүһүрдэн биэрдилэр. 

Recent Posts

  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Кутанаттан – Ильмень күөлгэ

Бэчээттэммиккэ эргиллэн: «Ильич уоттара» хаһыат, ыам ыйын 8 күнэ, 1976 сыл. – 19-с хайыһар биригээдэтин…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев: «Ил Түмэн аатыттан Улуу Кыайыы 80 сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин!»

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Ытыктабыллаах бэтэрээннэр! Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм…

11 минут ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

«Белоруссияҕа сылдьыбыт бойобуой сырыыларбыттан»

Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Егоров Матвей Петрович ахтыытыттан быһа тардыы. - Мин, Сунтаар улууһун  Түбэй…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Улуу Кыайыы 80 сылынан Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ, тыыл үлэһиттэрэ уонна сэрии оҕолоро!…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыам ыйын 9 күнэ: ардах, тыал уонна +17 кыраадыс

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар +17 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ыам ыйын 9-16 күннэрэ)

Хой Түбүктээх нэдиэлэ үүммүт. Сыыһа-халты да тахсыан сөп. Онон үлэҕэр-хамнаскар, докумуоҥҥа болҕомтолоох буол. Чугас дьоҥҥун…

3 часа ago