Нерюнгри куоракка байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин эбии киинэ салгыы үлэлиир. Онно РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсиэн баҕалаах дьон күннэтэ тиийэ тураллар. Ити туһунан пуун инструктора Олег Марков этэр.
“Дьону сүүмэрдиир эбии кииҥҥэ күннэтэ хантараагынан сулууспалыан баҕалаахтартан ыйытыы киирэ турар. Бу, нэһилиэнньэ үрдүк патриотическай таһымнааҕын көрдөрөр. Өскөтүн эһиги дьиҥнээх патриоттар кэккэлэригэр киириэххитин баҕарар буоллаххытына, тустаах кииҥҥэ тиийиҥ” ,– диэн брифинг кэмигэр инструктор бэлиэтиир.
Анал байыаннай дьайыыга ыйдааҕы харчынан хааччыйыы 400 тыһ. солк. диэри тиийэрин санатар.
Маныаха РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин кытта сөбүлэҥ түһэрсиллибитин кэннэ 1 мөл. 600 тыһ. солк. биир кэмнээх харчынан төлөбүр көрүллэр, итинтэн 400 тыһ. солк. – РФ Оборуонаҕа министиэристибэтиттэн, 900 тыһ. солк. – Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн, 300 тыһ. солк. – Нерюнгри улууһуттан.
“Биһиги дьоруойдарбыт оҕолоругар үрдүк үөрэххэ миэстэ көрүллэр, уһуйааҥҥа уочарата суох ылаллар, сайыҥҥы доруобуйаны чэбдигирдэр лааҕырдарга босхо сынньаналлар”, – диэн Марков эбэн этэр.
Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа дьону сүүмэрдиир эбии киин маннык аадырыска баар: Нерюнгри куорат, Чурапчы уулуссатын 33-с нүөмэрдээх дьиэтин, 3-с куорпуһугар.
Ону тэҥэ, хандьыдааттар хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пууҥҥа сүбэлэтэ бу аадырыска тиийиэхтэрин сөп: Дьокуускай куорат, Чепалов аатынан уулусса 23-с нүөмэрдээх дьиэтэ, пуун 9:00-18:00 ч. диэри өрөбүлэ суох үлэлиир; Мииринэй куорат, Октябрь 40 сыла уулусса 26-с нүөмэрдээх дьиэтэ.
Сүбэлэтиэн баҕалаахтар 8 (4112) 32-10-40 эбэтэр 8 (924) 166-13-93 нүөмэринэн суукканы эргиччи төлөпүөннээн ыйыталаһыаххытын сөп. Эбии иһитиннэрии бу саайтка: службапоконтракту14.рф.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…