Нерюнгри куоракка 100 мөлүйүөнү биэриэхтэрэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр үлэ-хамнас бары хайысхаларын таарыйда, сыл түмүгүн таһаарда, өрөспүүбүлүкэ кэлэр сылларга сайдар оҥкулларын торумнаата.

Кини Дьокуускай куорат биллэ тупсубутун, Ленин болуоссата, Роман Дмиитриев аатынан кытыл уулусса сөргүтүллүбүтүн бэлиэтээтэ. Эһиил Арктикатааҕы ускуустуба киинэ тутуллан бүттэҕинэ, Сайсары күөл кытыла толору саҥардыллыаҕа. Кини бу үлэ тэтимэ бытаарыа суохтаах диэн эттэ.

2025 сылга Нерюнгри куорат 50 сылын туолар. Бу үбүлүөйдээх сылы көрсө Култуура паарката саҥардылынна. Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕа, онно элбэх тутуу барара күүтүллэр.
Ил Дархан Нерюнгри куорат үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн көрсө тиэргэннэри, уопсастыбаннай миэстэлэри тупсарарга 100 мөлүйүөн солкуобайы биэрэбит диэн эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Өйөбүл саҥа демографическай миэрэтэ кэмигэр таҕыста»

Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев Анал этиитин туһунан өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кэлэр сыл – Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла

Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

2 минуты ago
  • Сонуннар

Сергей Сивцев: «Саха тылын сайдыытыгар ситиһиллибити оннунан хаалларар сатаммат»

Норуот дьокутаата, «Арктика суоллара» эксплуатацияҕа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Сергей Сивцев Ил Дархан Айсен Николаев Ил…

9 минут ago
  • Оҕо саас сыла

Дьокуускайдааҕы «Василек» уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Дьокуускай куорат 19-c №-дээх "Василек" уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Уһуйаан 1978 сыллаахха ахсынньы аам-даам…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыыны хайдах биэриэххэ?

Ахсынньы 19 күнүгэр Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чааска (Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 18 чааска) бэрэсидьиэн Владимир…

32 минуты ago
  • Сонуннар

Николай Парников: “Дьиэбит сылаас, итии уубут баар, уоппут быстыбакка кэлиэн баҕарабыт”

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн пресс-кэмпириэнсийэ иитинэн ааһан эрэр сыл түмүгүн таһаарыаҕа. СӨ ОДьКХ уонна…

47 минут ago