Нерюнгри куоракка гараж иһигэр киһи өлүгэ булулунна
Суукка устата Саха сиригэр буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Б туһунан СӨ Борокуратуурата суруйар.
Дьокуускайга 1978 с.т. эр киһи улахан эчэйиини ылан, Ленин проспегын дьиэтиттэн балыыһаҕа киирбит. Киров аатынан уулусса дьиэтиттэн быһаҕынан анньыллыбыт 2001 с.т. эдэр уол балыыһаҕа киирдэ.
Жорницкай уулуссаҕа кырбаары хаайан уорбаланааччы «Судзуки Кей» массыынаны күрэппит, 1968 с.т. уорбаланааччы тутуллубут, массыынаны хаһаайыныгар төнүннэрбиттэр. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Ону тэҥэ түөкүттэр 137 тыһ. солк. тахса суума харчыны баан счетуттан уорбуттар. Итини сэргэ киин куоракка 920 тыһ. солк. тахса суума харчыны түөкүттэр уорбуттарын туһунан сайабалыанньа киирбит.
Дьокуускайга иккиһин итирик туруктаах уруулга олорбут суоппар тутулунна.
Нерюнгри куоракка гаражка массыына иһигэр 1989 с.т. эр киһи өлүгэ булулунна.
Бүлүү улууһугар Бүлүү өрүскэ аэролодка түҥнэстэн элбэх эчэйиини ылбыт икки эр киһи, 1990 уонна 1989 с.т., балыыһаҕа киирдилэр. Киһи өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламматах. Суукка иһигэр итирик туруктаах сылдьан 11 суоппар тутулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: