Нерюнгри маастар-былаантан – сайдыы суолугар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү «Россия 24» ханаалга «Быһа кэпсэтии» биэриигэ Нерюнгри куорат маастар-былаанын туһунан кэпсээтэ.

Быйылгыттан өрөспүүбүлүкэ икки бөдөҥ куората — Дьокуускай уонна Нерюнгри сайдыыларын маастар-былаана олоххо киириэхтээх. Маастар-былааннар федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр буоланнар, ааспыт нэдиэлэҕэ ол хайысханан РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин уонна Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков Саха сиригэр кэлэн үлэлээбиттэрэ.

Айсен Николаев Нерюнгри Сэбиэскэй кэмҥэ тутуллубут эдэрчи куорат эрээри, инфраструктурата, олорор дьиэлэрэ, суола-ииһэ балачча эргэрбитин бэлиэтээтэ.

«Суол-иис ситимин, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин өрөмүөннээһини кытары сибээстээх боппуруостары өйүөхпүт. Оттон элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри көдьүүстээхтик өрөмүөннээһиҥҥэ мэхэниисими оҥоруохпут», — диэтэ Айсен Николаев.

Итини сэргэ кини анал үөрэхтээһин систиэмэтин сайыннарыыны өйүүрүн, Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи технологическай кэллиэс уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филиалын уопсай дьиэлэрин тутуута былааннанарын эттэ.

Кини Максим Орешкины кытары дьон-сэргэ сынньалаҥын тэрийии туһунан кэпсэппиттэрин, онно хоту сир дьоно сынньанар сирдээх буолуохтаахтарын өйөөбүтүн эттэ.

Сотору кэминэн бу куораттар маастар-былааннара бэлэм буолан, дойду бэрэсидьиэнигэр киллэриллиэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

14 часов ago