Нерюнгри олохтооҕун «Тойота Приус» массыыната судаарыстыба дохуотугар былдьанна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суута Нерюнгри куорат суута буруйдааҕынан билиниллибит 30 саастаах дьахтарга бириигэбэрин оннунан хаалларда. Ол курдук, буруйданааччы РФ Холуобунай Кодексатынан 210 тыһ. солк. ыстарааптанар уонна икки сылга диэри тырааныспар бары көрүҥнэрин ыытарга бырааба быһыллар. Оттон буруйданааччы «Тойота Приус» мааркалаах массыыната судаарыстыба дохуотугар былдьанна.
Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суутун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Суут быһаарыытынан, былырыын балаҕан ыйын 29 күнүгэр киэһэ Нерюнгри оройуонун ГИБДД инспектора Чульман бөһүөлэккэ «Тойота Приус» мааркалаах массыына суолга түргэн сырыылааҕын бэлиэтэбит. Федеральнай трасса 398 км массыына уруулугар итирик туруктаах дьахтар тутуллубут. Бу иннинэ арыгыны иһии туругун бэрэбиэркэлээһини ыытар боломуочуйалааҕа ирдэбилинэн, дьахтар сокуон ирдэбилин толорботох уонна административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт. Ити кэннэ дьахтар 30 тыһ. солк. суумаҕа ыстарааптаммыт уонна биир сыл алта ый болдьоххо уруулга олорор бырааба быһыллыбыт. Бириигэбэри кытта сөбүлэспэккэ, буруйданааччы дьахтар массыынаны төннөрөргө соруммут. Апелляционнай инстанция суута холуобунай дьыала матырыйаалларын үөрэтэн баран, апелляционнай үҥсүү түһэриллибитгэр суут бириигэбэри уларытыыга аккаастаата уонна Нерюнгри суутун бириигэбэрин күүһүгэр хаалларда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: