Нерюнгри оройуоннааҕы балыыһатын эбийиэктэрэ саҥардыллаллар

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын бигэргэппитэ.  Нерюнгри оройуоннааҕы киин балыыһатын эбийиэктэрин дьоһуннаахтык саҥардыы Нерюнгри куорат маастар-былаанын сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн буолар.

Бу сорук 2030 сылга диэри Уһук Илин 16 куоратын биир кэлим социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын  былааннарыгар киллэриллибитэ.

«Доруобуйа харыстабылын 14 эбийиэгин олохтоохтук саҥардыыны сэргэ, Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһатын бары отделениелара мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах тэриллэринэн, аныгы миэбэллэринэн хааччыллаллар. Бу үлэҕэ өрөспүүбүлүкэ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ көхтөөхтүк кыттар. Биһиги балыыһабытыгар үрдүк таһымнаах исписэлиистэри – быраастары, биэлсэрдэри, мэдиссиинэ сиэстэрэлэрин бэлэмнээһин ыытыллар. Аҥаардас ааспыт сылга биһиги тэрилтэлэрбитигэр 29 быраас үлэҕэ киирбитэ”, — диэн Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Алексей Яворскай иһитиннэрдэ.

2026 сылга диэри доруобуйа харыстабылын 14 эбийиэгин өрөмүөннээһин уонна сэбилээһин былааннанар. 2024 сылга социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы былаанын чэрчитинэн, мэдиссиинэ  5 эбийиэгин өрөмүөннээһин уонна мэдиссиинэ тэрилинэн сэбилээһин үлэтин саҕалааһын үбүлэннэ.

Биэс сыл устата ыытыллыбыт модернизация көмөтүнэн  Оройуоннааҕы балыыһа технологияҕа кыахтара улааталлар.  Нерюнгри Оройуоннааҕы киин балыыһата  иккис таһымнаах оройуоннааҕы балыыһа статуһугар сөп түбэһэр. Ол гынан баран, Нерюнгри улахан куораттартан, дойду мэдиссиинэтин сүрүн кииннэриттэр ыраах сытара уонна  мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбатыгар туруоруллар аныгы ирдэбиллэр балыыһа элбэх хайысхалаах уонна үрдүк технологиялаах буоларын ирдииллэр.

Оройуоннааҕы балыыһа үһүс таһымҥа тахсарга дьулуһар, ол биир усулуобуйатынан мэдиссиинэ үрдүк технологиялаах көмөтүн оҥоруу буолар. Оройуоннааҕы балыыһа өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа статуһун ыларга былааннанар. Ити мэдиссиинэ саҥа өҥөлөрүн киллэрэргэ уонна үрдүк технологиялаах көмө арааһын элбэтэргэ аныгы кыахтары биэрэр.

“Нерюнгри улууһун доруобуйатын харыстабылын сайыннарыы стратегиятын” олоххо киллэрии салҕанар, сайдыы саҥа соруктара туруоруллаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

59 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

2 часа ago