Нерюнгри оройуонугар — сэргэх күрэхтэһии

Share

Муус устар 7 күнүгэр «Колмар» таас чоҕу хостуур хампаанньа кэрэ көстүүлээх сиргэ турар хайыһар базатыгар туристическай сүлүөтү тэрийэн, үлэһиттэри уонна Нерюнгри куорат олохтоохторун сэргэхситтилэр.

Манна сүлүөт ыытыллыахтаах түһүлгэтигэр боҕуруоскай от сыта ыраахха диэри тунуйда, хас биирдии киһи ыраастанан ааста. «Арктика» экспериментальнай оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ биһиги оҕо сааспытын санатар «белки и орешки» оонньуулларын үгүс дьон кэрэхсээн көрдө.

Оҕолор национальнай таҥастаахтара ону эбии киэргэттэ. Оскуола оҕолоро манна үөрэнэллэрин олус сөбүлээбиттэрин этэллэр. Сорохтор хайыы-үйэ идэлэрин талбыттар. Оҕолор олус көрдөөхтөр, настарыанньалара олус үчүгэй.
Сүлүөт күрэхтэһиитэ көрдөөхтүк-нардаахтык ааста. Көрөөччүлэр «денисовскайдар» ордуктар дуу «инаглинскайдар» бэртэр дуу, москвалар таһыччылар дуу диэн кимнээх кыайыахтарын таайыы бөҕө буоллулар.
Биир көхтөөх кыттааччы, «Денисовскайдааҕы» ГОК сүрүн инженер-сметчигэ Чин -Вин Евгения этэринэн, үлэһиттэр маннык күрэхтэһиилэргэ куруук көхтөөхтүк кытталлар, бу сырыыга икки дьахтар, түөрт эр киһи буолан кытта сылдьаллар. Манна бааллар электросилиэсэрдэр, тиэхиньикэҕэ куттал суох буолуутун инженерэ, электромэхээнньик уо.д.а. идэлээхтэр. Успуорт барыларын түмэр, биир кэлэктиип оҥорор. Евгения дьиэ кэргэнэ хайыһардыылларын,бассейнҥа сылдьалларын сөбүлүүллэр эбит. Онон хампаанньа үлэһиттэрэ дьиэ кэргэттэрин эмиэ успуортка уһуйаллар. Ол да иһин маннык күрэхтэһиилэр тэриллэн эрдэхтэрэ.

Ааптар хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago