Нерюнгри сайдар саҕахтара

Share

Чугастааҕы кэмҥэ Саха сирин бөдөҥ куораттарын уонна бырамыысыланнай кииннэрин сайыннарар сыалтан Дьокуускай, Нерюнгри, Алдан уонна Мииринэй куораттар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын соруга турар.

Ол туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» НКИХ Нерюнгритааҕы филиалыгар быһа эпииргэ кэпсээтэ.

Бу куораттары сайыннарыыга, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга былааннаах үлэ , хаарбах дьиэлэртэн көһүү, олорор сирдэри гаастааһын, о.д.а барыа.

“Бүгүн ити ыйаах мин хонтуруолбар сылдьар. Соторутааҕыта Дьокуускай куоракка ыйаах туолуутун бэрэбиэркэлээбиппит. Онтон бу бүгүн Нерюнгри оройуонугар хайдах туолан иһэрин көрө-истэ сылдьабын. Үлэ саҕаланна, Бырабыыталыстыба, муниципальнай тэриллии уонна бырамыысыланнай хампанньалар бу докумуонунан салайтаран үлэлииллэрэ көһүннэ. «Газпром» хампаанньа туттарбыт катогун Чульмаҥҥа тутан киллэрдэ. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү, саҥа дьиэ тутуута хайдах баран иһэрин эмиэ көрдүм», — диэтэ Айсен Николаев.

Төһө  даҕаны ыарахан кэмнэр үүннэллэр, тас дойдулар сааҥсыйаларын, байыаннай дьайыыны аахсыбакка, бырайыактар бары олоххо киирэллэр, Нерюнгри оройуона Арассыыйа Бэрэсидьиэнин, Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн уонна бэйэбит ыйаахпытынан иккис тыын ылан, сайдар суолга киирдэ диэн бэлиэтээтэ кини. Нерюнгри инникитэ түстэнэрин, саҥа оҥорон таһаарар тэрилтэлэр, креативнай экэниэмикэ салаата сайдарын бэлиэтээтэ Ил Дархан.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Иирсээн кэнниттэн аҕатын массыынатын алдьатан буруйданна

ИДьМ сулууспатын 1 №-дээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар куорат таһынааҕы олохтооҕо тыллаабыт. Эр киһи массыыната…

42 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһын — «Хюгге» кэмэ

Cаҥа дьылы кэтэһии бырааһынньыктааҕар ордук үчүгэй, күүтүүлээх, күндү курдук буолар. Оннук күндү кэтэһиини биһиги бэйэбит…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн сылдьар байыастары эбии хааччыйыыга саҥа номенклатура бигэргэннэ

Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх “Кыайыы туһугар бииргэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи  хамыыһыйа мунньаҕар, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

ХИФУга мэдиссиинэ идэтигэр туттарсыыга саҥаны киллэрии туһунан быһаардылар

Ааспыт нэдиэлэҕэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүк үөрэх кыһатын мэдиссиинэ институтун бэрэстэбиитэллэрэ үөрэххэ туттарсааччылары, төрөппүттэри, педагогтары…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр Аиза Решетникова аатын иҥэрдилэр

Айсен Николаев Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ норуотун…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эдэр уол баантан бөдөҥ суума харчыны уоран тутулунна

ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…

2 часа ago