Нерюнгри улууһугар сүппүт эр киһи көһүннэ
Эр киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспаҕа атырдьах ыйын 13 күнүгэр киирбитэ. Кэргэнэ кэпсээбитинэн, кини кэргэнин кытта тэллэйдии тахсыбыттар.
Айан суол биир тохтобулун кэмигэр эр киһи «разведкаҕа» диэн ойуур иһигэр тэллэй көрө киирбит уонна төннүбэтэх. Аны туран төлөпүөнүн ылбатах. Ити кэмҥэ кэргэнэ кинини массыынаҕа кэтэһэн олорбут. Өр кэм кэтэһэн баран, дьахтар сүтүктээҕин туһунан быыһааччылартан көмө көрдөөбүт.
Сүппүт эр киһини быһааччылар тепловизор, квадрокоптер туһанан уонна элбэх уоттаах-күөстээх массыынанан көрдөөбүттэр. Түүн хойукка диэри сылдьыбыттар, эбиитин этиҥнээх ардах түспүтүн кэннэ балаһыанньа өссө уустугурбут. Сарсыныгар сарсыарда эрдэттэн көрдүүр үлэлэр салҕаммыттар, манна Саха сирин Быыһыыр сулууспатын Нерюнгритааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин 4 быыһааччыта, волонтердар уонна сүппүт эр киһи аймахтара үлэлээбиттэр. «Икки көрдүүр бөлөҕү тэрийэн үлэлээтибит. Бастакы бөлөххө 11 волонтер, иккискэ 10 аймаҕа уонна быыһааччылар кыттыспыттара. Сотору кэминэн сүппүт эр киһини сүтүктэммит сириттэн 1,5 км тэийиччи булуллубута. Кини этэринэн,сүппүт күн түүнүгэр массыына тыаһын истэн ыраах тыаҕа барбатах уонна кутаа уот оттон тыаҕа хонон турбут. Эр киһи доруобуйата үчүгэй, мэдииссинэ көмөтүттэн аккаастанна», — диэн көрдүүр бөлөх старшайа Максим Колесов иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: