Нерюнгри улууһугар сүппүт эр киһи көһүннэ

Share

Эр киһи сүппүтүн туһунан  иһитиннэрии Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспаҕа атырдьах ыйын 13 күнүгэр киирбитэ. Кэргэнэ кэпсээбитинэн, кини кэргэнин кытта тэллэйдии тахсыбыттар.

Айан суол биир тохтобулун кэмигэр эр киһи «разведкаҕа» диэн ойуур иһигэр тэллэй көрө киирбит уонна төннүбэтэх. Аны туран төлөпүөнүн ылбатах. Ити кэмҥэ кэргэнэ кинини массыынаҕа кэтэһэн олорбут. Өр кэм кэтэһэн баран, дьахтар сүтүктээҕин туһунан быыһааччылартан көмө көрдөөбүт.

Сүппүт эр киһини быһааччылар тепловизор, квадрокоптер  туһанан уонна элбэх уоттаах-күөстээх массыынанан көрдөөбүттэр. Түүн хойукка диэри сылдьыбыттар, эбиитин  этиҥнээх ардах түспүтүн кэннэ балаһыанньа өссө уустугурбут. Сарсыныгар сарсыарда эрдэттэн көрдүүр үлэлэр салҕаммыттар, манна Саха сирин Быыһыыр сулууспатын Нерюнгритааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин 4 быыһааччыта, волонтердар уонна сүппүт эр киһи аймахтара үлэлээбиттэр. «Икки көрдүүр бөлөҕү тэрийэн үлэлээтибит. Бастакы бөлөххө  11 волонтер, иккискэ 10 аймаҕа уонна быыһааччылар кыттыспыттара. Сотору кэминэн сүппүт эр киһини сүтүктэммит сириттэн 1,5 км тэийиччи булуллубута. Кини этэринэн,сүппүт күн түүнүгэр массыына тыаһын истэн ыраах тыаҕа барбатах уонна кутаа уот оттон тыаҕа хонон турбут. Эр киһи доруобуйата үчүгэй, мэдииссинэ көмөтүттэн аккаастанна», — диэн көрдүүр бөлөх старшайа Максим Колесов иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
27
+1
1
+1
1
+1
1
+1
3
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

39 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago