Салгыы
Нерюнгри үбүлүөйүгэр былаһааккалары саҥардыахтара

Нерюнгри үбүлүөйүгэр былаһааккалары саҥардыахтара

27.04.2025, 19:56
ЯСИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Быйыл Нерюнгри 50 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, Норуоттар доҕордоһууларын уулуссатыгар түөрт былаһаакканы өрөмүөннүөхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ бэлиэтээн эттэ.

«70-80-с сылларга оҥоһуллубут дьиэ таһынааҕы былаһааккалар эргэрдилэр. Бу туһунан араас көрсүһүүлэргэ олохтоохтор өрүү этэллэр. Онон быйыл эрэгийиэн бырабыыталыстыбата Нерюнгрига хайаан да өйөбүл оҥоруоҕа. Өскө куорат дьаһалтата оҕо спортивнай былаһааккаларын саҥардыыга туһуламмыт хаачыстыбалаах бырайыактары эбии киллэрдэҕинэ, көрөргө бэлэммит,» — диэн эттэ Ил Дархан.

Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -48°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 65% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: