Нерюнгрига байыаннай сулууспаҕа хантараагынан ылыы салҕанар
Нерюнгри куоракка байыаннай сулууспаҕа хантараагынан барааччылары сүүмэрдиир пууҥҥа үлэ салҕанар.
Маныаха Саха сирин соҕуруу өттүгэр хантараак түһэрсиэн баҕалаахтар ахсааннара элбээн иһэрэ ыйыллар. Брифиҥҥэ Нерюнгриттан байыаннай сулууспаҕа хантараагынан барааччылары сүүмэрдиир пуун начаалынньыга Альмир Исмаилов иһитиннэрэр.
«Элбэх киһи араас ыйытыылаах кэлэр. Ордук төлөбүр, байыаннай идэни ылыы, байыас дьиэ кэргэнигэр көрүллэр чэпчэтиилэр тустарынан, уо.д.а. чопчулаһаллар«, — диэн бэлиэтиир кини.
Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барыан баҕалаахтарга киин 9-18.00 ч. үлэлиир. Аадырыһа: «Абырал» санаторий Дьокуускай к., Сэргэлээх шоссетын 11 км, 1 куорпуһугар. Нерюнгрига: Чурапчы уул. 33 к3.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: