Салгыы
Нерюнгрига дьахтар уонна эр киһи бэйэ-бэйэлэрин быһахтаспыттар

Нерюнгрига дьахтар уонна эр киһи бэйэ-бэйэлэрин быһахтаспыттар

Ааптар:
26.12.2024, 10:40
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр икки буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Нерюнгрига итирэн баран бэйэ-бэйэлэрин уһуктааҕынан дьөлүтэ анньыбыт 1986 с.т. эр киһини уонна 1984 с.т. дьахтары госпитализациялаабыттар.

Дьокуускайга 1942 с.т. аҕам саастаах дьахтар түөкүттэргэ 409 тыһ.солк. суйдаппыт.

Бүлүү оройуоннааҕы борокуратуурата «Бүлүү» федеральнай суол 420 км буолбут суол саахалынан бэрэбиэркэни ыытта. Манна 1981 с.т. суоппар «Тойота Ипсум» массыынаны ыытан иһэн биир хайысханан айаннаан иһэр «Скания» массыынаны таарыйбыт, онтон утары балаһаҕа тахсан «ТЛК Прадо» массыынаны кытта харсыспыт. Ол түмүгэр «Тойота Ипсум» түөрт пассажира — 1987 с.т. дьахтар саҥа төрөөбүт оҕотунаан, 1964 с.т. дьахтар уонна 1981 с.т. эр киһи тыыннара быстыбыт. «Тойота Ипсум» массыына суоппара уонна 1987 с.т. дьахтар саҥа төрөөбүт оҕотун кытта балыыһаҕа киирбиттэр.

Суукка иһигэр итирик туруктаах алта суоппары туттулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
7
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: