Нерюнгрига доруобуйатыгар эчэйии ылан дьахтар тыына быһынна

Нерюнгрига доруобуйатыгар эчэйии ылан дьахтар тыына быһынна

Ааптар:
27.03.2024, 09:30
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр тоҕус буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.

Нерюнгрига 1976 с.т. дьахтар доруобуйатын улаханнык эчэттилэр. Ол түмүгэр эмсэҕэлээччи тыына быһынна. Буруйга уорбаланааччыны туттулар.

Дьокуускайга баан каартатыттан харчы уорбуттары туһунан сайабылыанньа киирдэ. Итиэннэ биэнсийэлээх эр киһиэхэ «ФСБ» үлэһитэбин диэн төлөпүөнүгэр эрийэн албыннаан, 652 тыһ. солк. суйдаабыттар.

Дьааҥы улууһугар лицензията суох хомунаалынай өҥөлөрү оҥоруу тула холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Дьокуускайга нолуок төлөнүөхтээх харчытын кистээһин тула холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Суукка иһигэр үс техногеннай баһаар буолла, эчэйбиттэр, өлбүттэр суохтар. 

Киһи өлүүлээх суол быһылаана бэлиэтэммэтэ.

Арыгы иһэн баран уруулга олорбут 4 суоппары туттулар.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: