Нерюнгрига маастар-былаанынан киин балыыһаны саҥардаллар

Нерюнгрига маастар-былаанынан киин балыыһаны саҥардаллар

27.03.2024, 10:46
Нерюнгри киин балыыһата.
Нерюнгри киин балыыһата.
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Уһук Илиҥҥэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан куораттар сайдыыларыгар 22 уһун болдьохтоох былааны олоххо киллэрии салҕанар.

Ол иһигэр Нерюнгри оройуонунааҕы киин балыыһаны саҥардыы соруга турар. Мэдиссиинэ тэрилтэтин өрөмүөннээһин уонна аныгы оборудованиенан хааччыйыы «Единая субсидия» бырагыраама чэрчитинэн барар диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин Социальнай сайдыыга департаменын дириэктэрэ Григорий Смоляк: «Нерюнгри оройуонунааҕы киин балыыһаны саҥардыы үлэтэ министиэристибэ биир кэлим субсидиялааһынын үбүнэн оҥоһуллар. Бу үлэ – маастар-былаан биир сүрүн соругунан буолар. Балыыһаны хапытаалынай өрөмүөннээһин уонна оборудованиетын саҥардыы олохтоохтор мэдиссиинэ хаачыстыбалаах көмөтүн ылалларыгар кыаҕы биэриэ», — диэтэ.

«А» блокка 2023 с. 1 түһүмэх үлэ ыытыллыбыта. Ол иһигэр иһин-таһын, үрдүн бүрүөһүнэ, түннүктэри, киирэр ааннары уларытыы барбыта. 2023 с. ахсынньытыгар 2 түһүмэх үлэтэ саҕаламмыта – инженернэй ситим, уота, итии-тымныы ууну холбооһун, иһинээҕи ааннара, баһаарынай сигнализация оҥоһуллуута саҕаламмыта. Аны сайын балыыһа тас өттүн тупсарыы ыытыллыа», – диэн Нерюнгри оройуонунааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Алексей Яворскай кэпсиир.

2026 с. диэри Нерюнгри киин балыыһатын 14 эбийиэгин өрөмүөннүөхтэрэ уонна мэдиссиинэ оборудованиетынан хааччыйыахтара. 2024-2026 сс. бу маастар-былаанынан мэдиссиинэ 5 эбийиэгин өрөмүөнүгэр уонна оборудованиенан хааччыйыыга уопсайа 2 млрд солк. тахса үп көрүллүө.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: